![]() |
Софронов Иван Семенович (1913-1943) Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олоҕун толук уурбут буойун |
Аллараа Амма нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кыра кылаастары үөрэтэн учууталлыы сылдьыбыта. Онтон колхозка үлэлээбитэ, колхоз ревизионнай комиссиятыгар үлэлиирэ. 1941с. Ађа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан баран, ахсынньыга 1943с. кыргыһыы хонуутугар охтубут. Көмүс уҥуођа ханна хараллыбыта биллибэт.
***
«Чычымах» колхоз маҥнайгы тэриллиититтэн ыла үлэђэ көхтөөхтүк кыттыбыта. 1934 сылтан колхозка суотчутунан үлэлээбитэ. 1941 с. сэриигэ аан маҥнайгынан барбыта. Маҥнай утаа эдьиийигэр суруга кэлэр этэ. Этэҥҥэ сэриилэһэ сылдьыбыта. Онтон кэнники суругар кыргыһыыга киирэбит диэн суруйбута. Онтон ыла биллибэтэђэ. Онно өлбүт буолуохтаах.
Софронов Иван Семенович «Чычымах» колхоһу төрүттэспиттэртэн биирдэстэрэ, комсомолец этэ. Эргиллэн кэлбитэ буоллар, колхоһугар үлэлии-хамсыы сылдьыа этэ.
Биһиги олохпут оҥоһуутугар саа-саадах тутан көмүскэспит киһи буолар. Кини саас-үйэ тухары кэриэстэниллиэхтээх киһи. Мин бииргэ үлэлээбит табаарыһым буоларынан ахтабын.
Канаев Павел Иванович