1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
17 views

Табунанов Филипп Романович

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олоҕун толук уурбут буойун

Табунанов Филипп Романович

(1911-1942)

Чурапчы холбоһуктаах оройуоннаађы военкоматынан  II-Алдан нэһилиэгиттэн армияђа ыҥырыллыбыт. «Кыһыл Алдан» колхоз чилиэнэ, биригэдьиир этэ. 4 кылаас үөрэхтээђэ. Колхоз бастыҥ үлэһитэ буолан И.В.Сталинтан махтал сурук туппута. 1942с. сааскы хомуурга армияђа ыҥырыллыбыт. 1942с. алтынньыга сэрии хонуутугар охтубут. Көмүллүбүт сирэ биллибэт.

***

Холкуоска куруук биригэдьииринэн үлэлиирэ. Сайын от охсуутугар икки омурҕан охсон баран, үhүс омурҕаҥҥа охсооччулар, мунньааччылар сирдэрин мээрэйдии барара. Икки да омурҕан охсубут сирэ гаттан аллара буолбат этэ. Ити Алдан сиригэр-уотугар, уулаах дулҕаҕа улахан сыраттан тахсар үлэ. Атын да үлэтигэр барытыгар бастыҥ үлэhит аатырара. Оччолорго орден, медаль диэни биэрбэт эрдэхтэринэ, халыҥ тастаах махтал сурук И.В.Сталинтан кэлбитэ. Итинник суругу атын ким да биhиги холкуоспут дьонугар кэлбэтэҕэ. Онон чахчы үлэhит киhи эбитэ буолуо.

1934-1935 сыллар диэки кэргэннэммитэ да, кэргэнэ аҕыйах сылынан ыалдьан өлбүтэ. Федора диэн кыыс   оҕоломмуттара, билигин суох.  Ити Федораттан Ким диэн уол билигин баар. Кэргэннээх, оҕолордоох.

 Убайым толору эттээх-сииннээх, 170-175см үрдүктээх, кыанар киhи этэ. 1942с. сааскы хомуурга армияҕа ылыллан немецтэри утары сэриигэ барбыта. Мин, оччолорго Якутскайга үөрэнэ сылдьан, көрсөн атаарбытым. Дьокуускайга биир хоннорон баран илпиттэрэ. Онтон ыла биир да суругу туппакка, сүтэрэн кэбиспитим. Армияттан эргиллибэтэҕэ. 

Табунанов Николай Романович,

2006 с. Чычымах