Улуу Кыайыы хас сылын ахсын бэлиэтэнэрэ үтүө үгэс, ытык кэриэс, умнуллубат иэс буолар.
Оҕо – аймахха маннык өйдөбүлү тиэрдэн иитии хомоҕой тылынан, тускулаан туһаайыылаахтык аахтарыы нөҥүө барара сөптөөх диэн санаанан салайтарабын. Ол иһин хас сылын ахсын иитээччилэр, төрөппүттэр көрдөбүллэринэн айбыт хоһооннорбун оҕолор уһуйааммыт отчуоттуур концертарыгар, кыайыы болуоссатыгар, оҕо ыһыахтарыгар ааҕан чоргуйалларыттан бэйэм эрэ олус астынабын. Кэлин айбыт 9 хоһооммун ааҕааччы болҕомтотугар тиэрдэбин.
Айхаллаан Кыайыыны.
Алаас дойду аайытын
Аалай кыһыл былаахпыт
Кыайыы сырдык сарыалын
Кууһар тыаллыын арыаллаан
Сэрии суостаах сылларын
Санньыар кутан сипсийэр.
Арай эн, мин – эдэрдэр
Ааспыт суостаах сэрииттэн
Кыайыы күнүн кэриэстээн
Кэлэр кэмҥэ кэпсиэхпит
Сэмэй сэһэн сэһэргээн
Салгыы тиэрдэ туруохпут.
Оспот баастаах сүрэхтэр
Оҕо дьоҥҥут ырыатын
Күүстээх санаа оҥостон
Күүрдэр дорҕоон көтүстүн
Сырдык олох дьолуттан
Сиэрдээх махтал тиийиэхтин .
Дьоллоох дьон –сиэннэр
Биһиги уолаттарбыт
Билбэппит бомбаны
Биһиги сиэннэрбит
Билбэппит – сэриини.
Арай эһээм кэпсиир
Аармыйаны, саллааты
Арай эбээм ахтар
Ааспыт уот сэриини.
Оччоҕо мин харахпар
Эһэм мэтээлэ күлүмнүүр,
Оҕо көтөхпүт эбэм
Элбэх сиэннэрин кууспахтыыр.
Эһээ, эбээ уоскуйуҥ,
Эһиги эрэйгитин
Эйэлээхтик чэпчэппит
Эрэллээх дьон элбэхпит.
Баҕа санааҕыт курдук
Парадка турабыт бары.
Буомба сэрии кутталын
Бопсобут сиэн дьон бүттүүн!
Биһиги эйэлээхпит
Дьоллоох олохтоох буолан,
Биһиги-тулуурдаахпыт
Дьоруой дьонноох буолан!
Буойун саллаат мөссүөнэ-
Туругур, Улуу Кыайыы!
Туйгун олох туоһута-
Туругур 80 сыл !
Бары: Ураа! Ураа! Ураа!
Ыам ыйын 9 күнэ
Ыам ыйын 9 күнэ
Ыал аайы-курус санаа,
Ыам ыйын 9 күнэ
Сыл аайы салют, кыайыы!
Бүгүн бу кыһыл күҥҥэ
Бокуойа суох эбэм долгуйар,
Бүгүн Кыайыы күнүгэр
Бокулуон уурар бар дьон.
Маннык кэриэс күн баарын
Сылга биирдэ билэбит.
Маннык умнуллубат күн
Салют ытан чиэстииллэр.
Ааспыт алдьархай сэрии
Аны хатыламматын!
Ааспыт 80 сыл
Айхалынан салҕаннын!
Эбэм тыыл ветерана
Хос эбэм миэнэ
Сэрии сылларыгар
Хоһуун үлэһит,
Сүөһү үүрсэн,
Оҕо көрсөн
Ийэтин үөрпүт.
Оҕус сиэтэн,
От мунньуһан
Бастыҥ дэппит.
Хос эбэм сэриигэ
Хорсуннук үлэлээн
Тыыл ветерана.
Хос эбээбин хайҕаан
Махтал бэлиэтин
Мэтээл аспыттар.
Мин эбэм курдук
Элбэхтик үлэлиэм
Махталга сылдьыам.
Хос эбэбин таптыыбын
Кыайыы күнүнэн
Эҕэрдэ тиэрдэбин!
Кыайыы – сиэн дьоло
Эһэм миэнэ
Эдэр сылдьан
Саллаат эбит.
Саа-саадах тутан
Сэриигэ барбыт.
Өстөөҕү кыайбыт!
Ол иһин
Кыайыы күнэ-
Эһэм күнэ!
Ол иһин
Кыайыы күнэ-
Сиэн уол — дьоло!
Кыайыы!
Кыайыы – өлбөт өйдөбүл,
Кыайыы – умнуллубат уот.
Кыайыы – суохтар кэриэстэрэ,
Кыайыы – оҕолор дьоллоро !
Кыайыы – орден чаҕыла,
Кыайыы – мэтээл күлүмэ.
Кыайыы – ветеран күнэ,
Кыайыы – олох суола.
Кыайыы – көтөр холууп,
Кыайыы – ньиргиэр салют.
Кыайыы – герой саллаат,
Кыайыы – модун парад!
Ураа! Ураа! Ураа!
Сэрии буолбатын.
Сэрии – охсуһуу.
Дьон айманыыта,
Дьиэ-уот алдьанан
Олох ытыллыыта.
Сэрии-өлөрсүү.
Хаан тохтуута.
Оҕо эмискэ
Тулаайах хаалыыта.
Суох, кэбис.
Сүрэх кыланар,
Суох, кэбис
Сэрии буолбатын!
Эһэлээх эбэм
Аҕам аҕата
Аҕам ийэтэ
Эһээлээх эбэм
Сэриини билбиттэр,
Сору көрбүттэр:
Эһэм Ньукулай
Хорсун киһи эбит
Кини оннооҕор
Тыына быста сыспыт
Өлүөхтээх доҕлрун
Тыыннаах илдьэ кэлбит.
Ол Чымнаайы киһитэ
Олус махтанара үһү
Ньукулай эһэбэр.
Эбээм Кэтириис
Тулаайах буолан
Ыраах Хачыкаакка
Суол оҥоруутугар
Бэбиэскэ тутан
Ыар үлэҕэ сылдьыбыт.
Мин шар тутан
Кыайыы күнүн көрсүөм.
Эһэм, эбэм оннугарэ
Үөһээ көтүтүөм.
Ураа! – диэн хаһытыам!
Кыайыы күнүн көрсүөм!
Кыайыы сулуһа
(ахсаан чабырҕах)
Биэс ахсаан
Биир сулус
Биир тыын
Бэрт да бэрт
Бэрт түргэн…!
Бу сулус биир салаата,
Бу сулус икки салаата,
Бу сулус үс салаата,
Бу сулус түөрт салаата,
Бу сулус биэс салаата.
Бүтүннүү бүттэ
Күлүмнүү тыкта
Күндү уолаттарга,
Күүстээх боотурдарга! Ураа!