1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
321 views

Ийэ баар бу сиргэ аан дойду аанньала

Валентина Кулачикова – Үрүччэ

Ахтабын ийэм чэйин

Ийэм куппут сылаас чэйин

Мин ахтабын, суохтуубун,

Сүөгэй үүттээх, дьикти чэйи

Түүн түһээммин иһэбин.

Куруук санаан ылабын,

Эрдэ туран сылабаарын

Ийэм өрөн тоһуйара,

Күөрчэх бэлэм буолара.

Сылабаар төгүрүк остуолга

Кылбайа, чээйдэтэ ыҥыран,

Дьоллоох ыал астына иһэрбит,

Ийэбит минньигэс да чэйин.

Сааһыран истэҕим аайытын

Ахтарым күүһүрэр санаабар,

Оо, ийэм барахсан күндүтүөн,

Эн куппут, эн чэйиҥ сылааһа !

2004 с.

Кэтэһиэ ийэ оҕотун куруутун

Кэтэһиэ ийэ оҕото төрүүрүн

Талыытын тулуйан, бэбээрэ түһэрин,

Дьоллонон ыарыытын барытын умнуоҕа

Кырачаан киһитин түөһүгэр тутуоҕа.

Кэтэһиэ ийэ оҕото хаамарын

Бастакы Ийээ диир минньигэс да тылын,

Борбуйун көтөҕөн, уруокка хоһоонун

Доргуччу ааҕаары, дьоһуннук туттарын.

Кэтэһиэ ийэ үөрэххэ атаараат

Күннэтэ хаһыаты хасыһыа эрэнэ,

Баҕар дуу көмүһүн суругун булаары,

Саҥата суох арай хараҕа ууланыа.

Кэтэһиэ ийэ, киэҥ айан суолунан

Үөрэҕин бүтэрэн чыычааҕа төннөрүн

Мөлтөөбүт бэйэтэ чочумча одуулуо

Тыас истэ таһырдьа балачча тоҥуоҕа.

Кэтэһиэ ийэ, ыал буолбут оҕотун

Оһоҕун аһатыа, долгуйа алгыаҕа,

Уонна эмиэ түннүгэр өйөнөн туруоҕа

Ахтыбыт сүрэҕэ сытыытык кэйиэлиэ.

Кэтэһиэ ийэ, баттаҕа маҥхайыа

Чэрдийбит илиитин ыарыытын кистэнэ

Олоҕун устатын тухары кэтэһиэ

Эйигин, аанньалын, сүрэҕин чопчутун.

  Ийэбин түһүүбүн

Бөөлүүн мин түһээммин дойдубар тиийбиппин

Төрөөбүт дьиэм аанын аһаммын киирбиппин

Кырдьаҕас ийэбэр илиибин уунабын

Куччаабыт бэйэҕин ыксары кууһабын.

Астына кэпсэтэн киэһэни барыыбыт

Ахтыспыт даҕаны эбиппит, ийэккээм

Үөрэбин оҕолуу, дьоллоохтук, истиҥник

Эн холку саҥаҕын истэммин, сэгэриэм.

Эмискэ уһуктан кэллэһим, мин эмиэ

Кылгаһын күндү түүл, бүттэҕин кыһыытыан

Оо, ийэм барахсан, олус ырааххыан

Сэрэйэр сүрэҕим, эн эмиэ ахтаргын.

                                    1992 с. Дьокуускай

                                       Ийэҕэ

Ийэбит барахсан иһирэх иэйиитэ

Хас биирдии киһиэхэ сүрэҕэр иҥтэҕэ,

Ийэбит үөрүүтэ, дьолломмут күннэрэ

Олоҕун уһатар үктэлэ буоллаҕа.

Ананнын бу киэһэ кэрэкэ тылларбыт

Аан дойду аанньала, күн-күбэй ийэҕэ

Сүрэхтэн этиллэр махталы этиэххэ

Бараммат тапталы ийэҕэ аныахха.

Ким ама умнуоҕай, илиитин сылааһын

Оҕотун биһиккэ бигээбит түүннэрин,

Ким туохха тэҥниэҕэй, тугунан кэмниэҕэй

Түбүгэ бараммат ийэбит олоҕун.

Айхаллан күн ийэ, уруйдан күн ийэ

Эн эрэ баар буолан, бу сиргэ олох баар,

Хаһан да сүппэтин ийэбит мичээрэ

Күн тэҥэ сылаастык олоҕу сырдата.

                 Ийэм кэриэһигэр

Баар курдук саныыбын куруутун,

Син суоххун билэбин эрээри,

Санаабар бу киириэх курдуккун,

Санньыар ыар санаабын үргүтэ.

Суохтуубун даҕаны, ийэккээм,

Эн куруук сүбэлии сылдьаргын,

Сороҕор сэмэлээн ыларгын,

Мин отой суохтуубун сэгэриэм.

Бу баардыы көрөбүн ардыгар,

Сир астыы батыһа сылдьарбын,

Оҥоойук толорон үөрдэрбин,

Астынан хайгыыргын истэбин.

Кыһалҕа бөҕөнөн улаатан,

Эрэйи элбэҕи көрбүтүҥ,

Оҕолор дьоллооннор арай эн,

Олоҕун үөрүүтүн билбитиҥ.

Эн суоххун билигин биһиэхэ,

Хаһан да төлөммөт иэстэнэн,

Биһиги эйигин ахтабыт,

Куруутун баар курдук саныыбыт.

Быраһаай, ийэбит, эбэбит,

Ыарахан ыарыыга былдьанан,

Бардаҕыҥ бу сиртэн букатын,

Айманыа сүрэхпит куруутун.

        Муус устар 10 күнэ, 1997 с.

                   Ийэ алгыһа

Хараҥа сэрии былыта

Ийэ сирин сабардаан,

Саха уола алаастан

Кыргыһыыга барбыта.

Ийэтэ барахсан атааран

«Эргиллээр» — диэн алҕаабыта,

Сүүһүттэн сыллаабыта

Суолга туран хаалбыта.

..Сидьиҥ фашист удьуорун

Уолбут самнары сынньара,

Буулдьа ардаҕын анныгар

Төгүрүк алааһын саныыра.

Аттыгар бааһырбыт доҕоро

Уйулҕан ынчыгын быыһыгар,

Ийэтин ыҥыра сыппыта,

Эдэркээн хараҕын саппыта.

Харса суох санаата күүһүрэн

Хабараан киирсиигэ уол оҕо

Өстөөҕү төрдүттэн кыдыйда

Доҕорун иэстэһэ киирсэрэ.

Ол аайы өйүгэр көрөрө

Ийэтэ ууламмыт хараҕын,

Күннэтэ түбүгүн быыһыгар

Буор суолга кэтэһэн кэлэрин.

Суох, фашист буулдьата хоппотох,

Санаабыт санаата сиппэтэх,

Рейхстаг үрдүгэр кыыспыта

Күүтүүлээх кыайыыбыт былааҕа.

Алааспыт чулуукан буойуна

Түөһүгэр уордьанын иилинэн

Аламай күн уота сыдьаайар

Алааһар эргиллэн кэлбитэ.

Ыраахтан ийэтин билбитэ

Долгуйан алааһын устунан

Синиэлин киэр илгээт сүүрбүтэ

Уот сэрии кыайбатах саллаата.

Куччаабыт санныта титирээн

Чэрдийбит илиитин сыыһынан,

Ийэтэ оҕотун кууспутун

Түөһүгэр төбөтүн уурбута.

Оо, ийээ, алгыһын хаххалаан

Өстөөхпүт буулдьата хоппото,

Ыар сэрии толоонун туорааммын

Эйиэхэ эргиллэн кэллим мин.

Уолана төбөтүн төҥкөтөн

Ийэтин иннигэр нөрүйдэ,

Ууламмыт хараҕа ибирдээн

Ийэтэ сүүһүттэн сыллаата.

 

Алексей Кулаковскай — Дьэҥкир

            Ийэм кэллэ

Бүгүн Дьэдьиэй ириэһинэ,

Мин ийэм миэхэ кэллэ.

Кэһии-тутуу бөҕөлөөх,

Лампысыай кэмпиэттээх –

Үйэбин ортолоон бараммын

Ийэбэр атаахтыыр дьоллоохпун !

Ийэкэм, олус да кэрэҕин !

Эйиигин олустук күүппүппүн !

Эн миигин, сиэннэргин көрөөрү

Сүрэҕиҥ таттаран кэллэҕиҥ,

Дьонноруҥ олоҕун билсээри

Ыаллары сураһан эрдэҕиҥ.

Сылдьыбыт сирдэриҥ сонунун,

Сиэннэриҥ, дьоннорун олоҕун

Сааһылаан оргууйдук кэпсиигин,

Миигиттэн сонуну сулуугун.

Күүтүүлээх ыалдьыт буолаҥҥын

Эн дьүөгэлэргэр киириэҕиҥ,

Истиҥник чэй иһэн, кэпсэтэн

Кыратык эдэргин саныаҕыҥ.

Сылдьыбыт ыалларыҥ олоҕун

Эн миэхэ кэлэҥҥин кэпсиэҕиҥ,

Ыалларгар үчүгэйи ыралаан

Кэпсиэҕиҥ барытын хайҕааҥҥын.

Наҕыллык эн миэхэ сэһэргиигин

Эдэргин, оҕоҕун санааҥҥын,

Эһэбин холобур туттаҕын,

Былыргы ыалларгын ахтаҕын,

Кыбыыбын, хотоммун кэрийэн

Сыыһабын-халтыбын булаҕын,

Дьалаҕай туттуубун сирэҥҥин

Быыһыгар мөҕөн да ылаҕын.

Мин токур олохпун, майгыбын

«Мөҕөммүн  көннөрүөм» эн диигиэн ?

Эн уолгун таптаабыт санааҕар

Үтүөнү баҕаран эрдэҕиҥ..

Ийэкээм, миэхэҕэ тапталыҥ

Мин сойбут сүрэхпин угуттуур,

Төрөөбүт дойдугар тапталгын

Тиэрдиэҕим эн кэлэр сиэннэргэр.

 

    Васильева  Анна Егоровна

Ийэбэр аҕабар ананар

Ахтылҕаммын аһаран

Ийэм- аҕам туһунан

Аныам күндү дьоннорбор

Истиҥ- иһирэх тылынан

Хоһооннооммун суруйуом.

Сарсыарда ийэм күөрчэх

Ытыйара биһилэҕин тыаһата.

Аҕам оһоҕор мас эбэрэ

Чаанньыгын  » түргэтэтэ»

Биһигини туруораары.

Сэрии сылын оҕолоро

Күчүмэҕэй кэмнэрин

Холхуос ыарахан үлэтин

Кэпсииллэрин барытын

Уйадыйа истэрим.

Бырааттарбын, балтыбын

Күнүскү киинэҕэ ыытаммын

Ийэм, аҕам уонна мин

Остуол тула олорон

» Бүөмнээн»  чэйдиир буоларбыт.

Үгүс элбэх үһүйээни, үгэһи

Билэр этэ мин ийэм.

Куобах, балык астыырын

Көрө олорон үөрэнэ

Былыргыны истэрим.

Аҕам ыарахан оҕо сааһыгар

Астара быстыбыт кэмигэр

Ыалга баран үлэлээн

Туйах, тар, үөрэ хамнастанан

Дьонун, балтын Зинаны үөрдэрэ.

Оҕо көрбүт киһиэхэ

Хоһооннообута учуутал:

» Торуой Бороҕонтон Дьөгүөр

Бүрүүкэтэ тэлээркэй

Оҕо көрөр манньатын

Айах атан ханньайар»

Ийэм тыаҕа, айылҕаҕа

Сири- уоту билэринэн

Дьиэтин курдук сылдьара.

Ханна хойуу сугун үүнэригэр

Сирдиир этэ дьүөгэлэрин.

Сылгыһыт Дьөгүөр аатыран

Ыраах сирдэринэн эргийэ

Өбүгэнэн, Күөнтэнэн

Аҕам тоҥон- хатан кэлэрэ

Бытыгын хаарын тэбэнэ.

Ийэм киҥинэйэн ыллыыра

Массыына тыаһыгар

Доҕуһуоллатан оргууйдук.

Уруһуйдуура, оһуордуура

Куруук иллэҥ буолбата.

Аҕам булка- аска » иллээҕэ»

Хата байанайа бэйэтэ

Аныыр этэ булдуттан

Боробулуохаҕа иҥнибит кустардаах

Кыырт тутан биэрбит куобахтаах

Өттүк харалаах, илии тутуурдаах кэлэрэ.

Чычымах. Таатта

16.10.2022.