1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
134 views

…Сааскы кэм күнүн сырдыгар

Сааскы кэм күнүн сырдыгар

Суруйдум мин бу тылларбын,

Сэргэх хоһооммут күнүгэр

Сэһэн- сэппэ тардыһаммын.

Сыллар хонуктар ааһаллар

Сааһырыы кыаҕын тургутан,

Сэргэх үлэһиттэр дэтэр

Сатал кэммитин тэйитэн.

Санаа сырдыкка тардыһар

Саарбах кэмнэри үүрсүһэн,

Солун дьырыгы иҥэрэр

Салгыбакка суруй дэтэн.

Сахам күүстээх тус олоҕор

Сайдыы тэтимин тутуһан,

Сүрэх кыымын күөдьүтэр

Сурук-бичик сылаанньытан…

Сиэрдээх тылларбыт тылланнар

Сылаас тыынынан илгийэн,

Сүбэ, өйөбүл тиэртиннэр

Сэнэх кыахпытын эпсиһэн.

Сүрэх, дууһа иэйии кууһар

Сырдык поэзия күнүн,

Ситим толкуй син эпсиһэр

Сай күннээх тылбыт барахсан !

         21.3.24. Күнүс 13 ч.45 м.

Анна Канаева-Дьүрүскээнэ