1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
205 views

Афанасьев Иван Николаевич. «Сайаҕас киһи этэ»

Иван Николаевич Афанасьев —

өр кэмҥэ эргиэҥҥэ үлэлээбитэ, бастакы колхозтары тэрийсиигэ кыттыыны ылбыта.

«Платон Алексеевич Ойуунускайы аан бастаан 1916 с. сайыныгар көрбүтүм. Ити сыл мин олорор алааспар Хотолдьуга Афанасьев Петр Васильевичка кэлэн ый аҥарын курдук буолбута. Иккиһин 1918 с. учительскай семинарияны бүтэрдэҕин сайын кэлэн Петр Васильевичка уонча хоммутун кэннэ ыҥыттаран ылбыттара. Ити икки сырыытыгар иккиэннэригэр Афанасьев П.В., Афанасьев В.Д., Николаев П. А. Буолан, үксүн Аммаҕа Арыылаах көҥүһүн төрдүнэн Петр Васильевич уонна Платон Алексеевич сиптиир, Василий Демьянович уонна Павел Афанасьевич бэрэмээттиир этилэр. Хас бардахтарын аайы миигин уонна Николай Бакрановы илдьэ бараллара. Аны санаатахха, чиэрбэлээн хара үлэһит буолар эбиппит. Үксүн сөтүөлээн тахсарбыт. Кинилэр наар нууччалыы кэпсэтэллэрэ. Онон тугу да кэпсэтэллэрин өйдөөн истибэт этибит.

Платон уонна Василий оҕоҕо наһаа хаадьыһыт, оонньуулаах этилэр. Онон сиэттэрэн, мин убайым аахтан арахпат этим. Иккис кэлэ сылдьыыларыгар нэһилиэк мунньаҕар төрдүөн барбыттара. Убайым миигин мэҥэстэн илдьэ барбыта. Ол мунньахха Петр Васильевич уонна Платон Алексеевич бэрт уһуннук тыл эппиттэрэ. Оччоҕо мин уон биир саастаах этим.

Биир күн чугас эргин олорор ыаллар ыччаттара, эр дьоннор мустан, окко киириэх иннинэ оонньуу тэрийбиттэрэ. Онно Василий уонна Павел эрэ кыттыбыттара. Ити киэһэ мин ийэм солооһун бурдугунан көбүөрдээх лэппиэскэ оҥорбута. Ону Платон биһигини кытта бэркэ минньигэһиргээн сиэбитэ. Мин саҥастаах ийэбин кытта сүрдээх уһуннук сэһэргэспитэ. Онон элбэх саҥалаах, сэһэннээх, сайаҕас, боростуой киһи этэ.

Үһүс көрүүм 1924 с. этэ. Убайым Бүөтүрү кытта үөрэнэ диэн Якутскайга барсыбытым. Чөркөөхтөн Чурапчыга диэри почта дьаамынан, тэлиэгэлээх атынан барбыппыт. Киэһэлик Чурапчыга биир улахан балаҕан дьиэҕэ тиийбиппит. Дьиэҕэ киирэн иһэн көрбүтүм, Платон Алексеевич кинигэ ааҕа олорор эбит. «Дьэ, Петр Васильевич, болдьообут кэмҥэр кэллим. Сарсын өрөөн баран, өйүүн бииргэ аргыстаһан киириэхпит”, — диэбитэ Платон Алексеевич.

Миигин көрө түһээт: «Бай, Уйбаан уол кэлэн турар эбит дуу, бу ханна баран иһэрий, хор улааппыт», — диэн баран кэлэн үрдүбэр түһэн кумалаабытынан барбыта. Сарсынынгар өрөөн баран , өйүүнүгэр үһүө буолан паара атынан, аара үс хонон куораты булбуппут. Платон Алексеевич аара айаннаан иһэн тэлиэгэҕэ сытан эрэ сахалыы ыллыыра. Онон айаммыт уһунун билбэт этибит.

Төрдүс көрсүһүүм ССРС Верховнай Советын депутатыгар кандидатынан быыбарданан, быыбардааччыларын көрсүһэ сылдьыбытыгар көрбүтүм, тыл эппитин истибитим. Ол тахса сырыттаҕына райкомҥа түһэрбиттэрэ. Мин оччолорго райсоюз эргиэҥҥэ солбуйар председателинэн үлэлиир этим. Ити кэлэ сылдьан көрөн баран: «Үөрэммэтэххин»- диэн сэмэлээн барбыта. П.А. Ойуунускай дьиҥнээх норуот киһитэ этэ. Оҕо-дьахтар диэн араарбакка, барыларыгар сайаҕас киһи этэ.

 1973 с. олунньу 26 күнэ. Чычымах.

П.Х. Андросов «Ойуунускай туһунан ахтыылар» С. 20-21.