1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
13 views

Богдокумов Андрей Васильевич

Богдокумов

Андрей  Васильевич

Богдокумов Андрей Васильевич Таатта улууһун Чычымаҕар 1964 сыллаахха тохсунньу 29 күнүгэр Чекуров Василий Ефимович уонна Богдокумова Мария Михайловна дьиэ кэргэнигэр 8 оҕоттон үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.

1971 с. Чычымах аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1981 сыллаахха Харбалаах орто оскуолатын бүтэрэн баран Дьокуускай    куоракка 7-с нүөмэрдээх училищеҕа (ТУ-7) киномеханик идэтигэр үөрэммитэ. 1982 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн Чычымахха сынньалаҥ киинигэр иккис категориялаах киномеханигынан үлэлии киирбитэ. Онтон 1983 сылтан 1998 сылга диэри «Коммунизм» совхозка рабочайдаабыта. Үлэлии сылдьан тэҥинэн куоракка «Якутремстрой» учебнай комбинакка үөрэнэн «слесарь по эксплуатации и ремонту газовых оборудований» диэн идэни баһылаабыта. Нэһилиэгэр ыалларга газ киллэрэн, баллон таһан үлэлээбитэ. 1999-2000 сс. Харбалаахтааҕы 18-с нүөмэрдээх профтехучилищеҕа «Изготовитель художественных изделий из металла» диэн үөрэххэ үөрэммитэ. Тимиртэн хаһаайыстыбаҕа туттуллар кыра малы, оҕолоругар киэргэллэри оҥортообута. Бу сылларга Андрей Васильевич III-с группалаах инвалидноска тахсыбыта, онон эмтэнэрэ уонна чэпчэки үлэлэри толороро.  

Кэлин 2010-2012 сс. Тааттатааҕы ДЮСШ-ҕа саахымакка тренер-преподавателинэн үлэлээбитэ. ГОУ СПО Дьокуускайдааҕы сельхоз техникумугар ускореннай «Бизнес на селе» программанан үөрэммитэ. Кини иллэҥ кэмигэр саахыматтыырын, кинигэ ааҕарын, сайынын-сааһын айылҕаҕа сылдьарын, балыктыырын, бултуурун сөбүлүүрэ, оҕолорун, сиэннэрин саахымакка, дуобакка үөрэппитэ, эрчийбитэ. Улууска ыытыллар остуол оонньууларын күрэхтэһиилэригэр «Амма нэһилиэгин» хамаандатыгар киирэн, сыл устата хаста да кыттан, нэһилиэгин чиэһин элбэхтэ көмүскээбитэ. Кини куруук үөрэ-көтө сылдьар майгылаах, кэпсэтинньэҥ, эйэҕэс этэ.   

     Ситиһиилэрэ:

-нуучча дуобатыгар Г.Т. Мординов бирииһигэр II-с лигаҕа III миэстэ;

-А.Е. Кулаковскай бирииһигэр ыытыллыбыт нуучча дуобатыгар (I лигаҕа) республикатааҕы X-с турнирга –II миэстэ;

-Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр ыытыллыбыт дуобат күрэхтэһиитигэр – III миэстэ;

-18-с нүөмэрдээх профлицей аһыллыытыгар ыытыллыбыт саахымакка улуустааҕы аһаҕас турнирга – III миэстэ.

Андрей Васильевич 1986 сыллаахха Нюргусова Элина Васильевналыын ыал буолбуттара. Үс оҕону төрөтөн, иитэн, улаатыннаран атахтарыгар туруорбуттара. Уоллара Миша ыал буолан Уус-Алдаҥҥа олорор. Кэргэнэ Саргы  оскуолаҕа бухгалтердыыр, кыыстара Арияна 5-с кылааска үөрэнэр.  Улахан кыыс Тома Намнааҕы педагогическай коллеһы бүтэрэн, «педагог дошкольного образования» диэн идэни баһылаабыта, Ытык-Күөлгэ детсадка үлэлиир. Кэргэнэ Манчаары чааһынай предприниматель.  Уоллаах кыыс оҕолоохтор. Кыра кыыс Маша Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка «Институт зарубежной филологии и регионоведения» диэн омук тылын салаатын бүтэрэн Чурапчыга учууталлаабыта, билигин оҕотун көрөн олорор, кэргэннээх.