Соров Михаил Герасимович I (1918-1997) |
Республика биир бастыҥ булчута этэ. Михаил Герасимович 1943 с. Кемеровскай уобалас Осинин диэн куорат аттынааҕы трудовой фроҥҥа сылдьыбыта. Бу сыл Волковскай фронт Иккис ударнай Армиятын Кыhыл Знамялаах 191-с дивизиятын Новгородтааҕы 546-с стрелковай полкатын ручной пулеметчигынан ѳстөөҕү үүрсүбүтэ. Ленинград блокадатын устуу кыттыылааҕа. Эстония сиригэр ыараханнык бааhыран госпитальга эмтэнэ киирбитэ.
Михаил Герасимович тыа хаhаайыстыбатын араас үлэтигэр үлэлээбитэ. Үтүө суобастаах үлэтин иhин Саха Республикатын Үрдүкү сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан 3 тѳгүл наҕараадаламмыта. Сааhырыар диэри кадровай булчутунан сылдьыбыта. Таатта улууhун булчуттарыгар ыҥырыы таhааран, былааны аhары толорон, Москваҕа Тыа хаhаайыстыбатын быыстапкатыгар икки төгүл кыттыбыттара. «Малая серебряная медаль ВДНХ», «Отличник охотничьего промысла» диэн знактары ылары ситиспитэ.
Михаил Герасимович Соров 1 Саха сирин суруйааччыларын холбоhугун чилиэнэ. 3 кинигэни, 3 олоҥхону суруйан бэчээттэппитэ. Общественнай корреспондент буолан нэhилиэгин бастыҥ үлэhит дьонун оройуон, республика хаhыаттарыгар киэҥник сырдатара. Михаил Герасимович өр кэмҥэ кулууп сэбиэдиссэйинэн таhаарыылаахтык үлэлээбитэ. Нэhилиэк олохтоохторо, ыччаттара художественнай самодеятельноска көхтѳѳхтүк кытталлара . Араас кэнсиэрдэр, мероприятиелар үрдүк таhымнаахтык ыытыллаллара. Улууска ыытыллар фестивалларга кыттан миэстэлэhэллэрэ.
Наҕараадалара: Аҕа дойду Улуу сэриитин I, II степпеннэрдээх орденнара; ССРС Центросоюһун туйгун булчута; ВДНХ үрүҥ көмүс, бронза мэтээллэрэ; «Эйэ фондатын активиһа» бэлиэ; Ленинграды босхолооһун иһин уонна элбэх үбүлүөйүнэй мэтээллэр; «Саха республикатын үтүөлээх булчута» бэлиэ.