Софронов Степан Данилович (1915-1997) |
1915 с. Аллараа Амма нэһилиэгэр Таатта оройуонугар, дьадьаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүт. Тулаайах буолан ситэ үөрэммэккэ 4 кылааһынан бүппүт.
1934 с. аһаҕас куолаһынан Аллараа Амма нэһилиэгин Советыгар чилиэнинэн быыбарданан хонуу секциятыгар үлэлээбит. 1936 сылтан 1943 с. ыам ыйыгар диэри Сэбиэт сэкэрэтээринэн үлэлээбит. 1940 сылтан 1943 с. ыам ыйыгар диэри эбии нагрузканан Ааҕар балаҕаҥҥа сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. 1943 с. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллан үлэ фронугар түбэспит. Мас соҕотуопкалааґын курдук ыарахан үлэҕэ үлэлээбит. Икки сыл Читаҕа, Иркутскайга сэрии алдьаппыт куораттарын чөлүгэр түһэриигэ үлэлээбит.
1945-1947 сс. Чычымах үүт – табаарынай ферматын сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээбит. 1947-1950 сс. – хонуу биригэдьииринэн, 1950-1954 сс. – Чычымах сельпотун бэрэссэдээтэлинэн талан үлэлэппиттэр. 1954-1956 сс. эмиэ ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Бу сылларга партияҕа хандьыдаатынан, онтон чилиэнинэн ылаллар.
1956-1957 сс. – сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, 1957-1959 сс. сэбиэт сэкэрэтээринэн, 1959-1968 сс. сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлиир. 1968 с. быыбарга бэйэтэ киирсибэккэ баҕа ѳттүнэн сопхуоска оробуочайынан барбыта. 1970 с. пенсияҕа тахсыаҕыттан 1992 с. диэри кадровай булчутунан үлэлээбитэ.
Степан Данилович 1939 сылтан барыта 11 созывка нэhилиэгэр, икки төгүл оройуоҥҥа дьокутаатынан талыллан үлэлээбитэ. 1956 с. партия обкомун 3-с пленумугар, 1961-1968 сс. Верховнай Сэбиэт ΙΙΙ-V сессияларыгар, Саха АССР «Холбос» управлениетын 1968 с. 13-с съеhигэр делегатынан сылдьыбыта. 1956 с. САХА АССР сэбиэттэрин холбоhуктаах мунньахтарыгар сылдьыбыта, сэттэтэ оройуон араас боппуруостарын туруорса партийнай конференцияларга делегат быhыытынан талыллыбыта, 10 сыл пленум чилиэнинэн, 10 сыл олохтоох нэhилиэк комсомолун тэрийээччитинэн, 12 сыл партийнай тэрилтэ сэкэрэтээринэн үлэлээбитэ.
Ѳр сыллаах үлэтэ сыаналанан 1965 с. САХА АССР Верховнай сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта. Саха АССР обкомун, министирдэрин сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан 4 төгүл, райкомтан, райсоветтан 9 төгүл, совхоз, колхоз, нэhилиэк грамоталарынан элбэхтэ наҕараадаламмыта. Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх, «Килбиэннээх үлэтин иhин», Ленин 100 сааhынан «Үлэ ветерана» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Таатта улууhун Бочуоттаах гражданинын аатын ылбыта.