1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
138 views

Табунанов Роман Тимофеевич

Табунанов

Роман Тимофеевич

(1879-1961)

Табунанов Роман Тимофеевич 1879 сыллаахха Уус-Амма нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Кыра сылдьан олус кыанара, тараас трюктары оҥороро үhү. Ол иhин Эриллэђэс Арамаан диэн ааттаабыттар. Канаева Варвара Афанасьевналыын ыал буолан 2-с Алдан нэhилиэгэр Мас-Аппађа олохсуйбуттар. Балађан туттан, сүөhү-ас тэринэн, араас ођуруот аhын олордон, бултаан-алтаан бэркэ олорбуттар. Кэлин немецкэй муннуктаах дьиэ атыыласпыттар. Кореец Хван Ки Эн диэн дођоруттан ођуруот аһын олордорго сүбэ-ама ылан хаппыыста, китайскай хаппыыста, табаах, моркуоп, эриэппэ, турнепс, батун лук, пиэрэс курдук үүнээйилэри үөрэђэ суох саха киhитэ олус үчүгэйдик үүннэрэн дьону сөхтөрөр эбит. Хортуоппуй олордон сүүсчэкэлии куулу хомуйара үhү. Аны тыаны солоон сонуок оҥорон бурдук ыhар эбит.

«Мас-Аппађа мунду, собо дэлэйдик үөскүүр элбэх күөллээх буолан сайын туулуура, саас куйуурдуура. Кыhыннары да сиири хааччыйар этэ. Хатарђан диэн улахан күөл аттыгар Талах Күрүө диэн кыра-кыра хас да көлүччэ баарыгар улахан күөлтэн 3-4 туунан тымтайы толору балык ылан баран кыра күөллэргэ кутан уотара. Кыра күөллэр бэйэ-бэйэлэрин кытта сээнинэн силбэhэллэрэ. Күhүн ити сээннэргэ ыарђанан быhыт оҥорон баран туутун угара. Онно киирбит балыгы сиэбитин таhынан үөлэн хоппођо кутан хаhаанара. Ону кыhын cиир этибит.

Кыhынын, ордук күhүҥҥү өттүгэр чааркаанынан кырынаастыыр, тииҥниир, саhылы сонордоhор. Табыллыбыт сылыгар өлгөмнүк бултуйара. Биир кыhын уонтан тахса кыhыл саhылы өлөрбүтүн өйдүүбүн. Ол саhыллар тыстарынан миэхэ ийэм бэргэhэ тикпитэ. Наhаа бөђө уонна оччолорго мааны бэргэhэ этэ»,- диэн ађабыт Николай Романович кэпсиирэ.  Ол бэргэhэни  ађабыт кырдьыар диэри кэппитэ.

Эһэбит Роман Тимофеевичка  Саха Республикатын Верховнай Совета «Саха АССР бастыҥ булчута» диэн бочуоттаах ааты иҥэрбитэ.

                              Табунанов Николай Николаевич        2.03. 2022с.