Кулаковская Раиса Реасовна
(12.1.1938-6.7.2023) Россия уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия үөрэҕириитин туйгуна |
1938 сыллаахха тохсунньу 12 күнүгэр Таатта улууһугар Сиэллээх нэһилиэгэр Реас Алексеевич, Татьяна Паповна Кулаковскайдар дьиэ кэргэттэригэр маҥнайгы оҕонон төрөөбүтэ.
СГУ саха тылын уонна литературатын салаатын бүтэрбитэ. “Эдэр коммунист” республиканскай ыччат хаһыатын редакциятыгар, Чурапчы, Уус-Алдан оройуоннарыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Республикаҕа саха национальнай оскуолата сайдарын туһугар тус кылаатын киллэрбит педагог-энтузиаст быһыытынан биллэр. Кини көҕүлээһининэн 1970-1990 сылларга саха норуотун культуратын, традициятын сөргүтүүгэ, оскуолаҕа оҕоҕо төрөөбүт тылыгар, литературатыгар тапталы иҥэриигэ үгүс үлэ ыытыллыбыта. 1987 с. тэриллибит Саха сирэ, Россия киэн туттар Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан «Доҕордоһуу» историческай-архитектурнай музей дириэктэрэ. РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна (1979), Уус Алдан улууһун (1998), Суотту (2008), Бороҕон (2011) нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Президенин бочуотунай грамотанан (2007), СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ (2011), Нуучча Православнай таҥаратын дьиэтин Саха сиринээҕи Епархиятын Сибэтиэй Иннокентий (Вениаминов) “Святитель Иннокентий” I истиэпэннээх уордьанынан (2008) уонна элбэх үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
«Кыайыы кынаттаах Албан аат — тыыннаах : Сэрии сылын оҕолоро» кинигэттэн.
«Дьоммут холбоспуттара иккис сылыгар, 1938 сыллаахха тохсунньу 12 күнүгэр, маҥнайгы оҕо төрүүр. Маҥнайгы оҕолорун аҕабыт кыра балтын, ийэбит дьүөгэтин аатынан Раиса диэн ааттыыр. Аҕабыт үөрүүтүттэн алааһын иһигэр баар бары ыаллары кэрийэ сылдьан, оччотооҕу кэмҥэ дэҥҥэ көстөр, куорат арыгытынан күндүлүүр, оҕотун Раисатын туһунан кэпсээн ааһар. Дьон кэпсииринэн, эдьиийбит төрөөбүтүгэр алаас дьоно барахсаттар бары үөрбүттэр, «Араайа собо тыла сиир буолбут үһү» диэн собо, онтон «куобах холун сиир буолбут» диэн куобах аҕалар эбиттэр». Кулаковская-Велиславлевич, Л. Биир сэһэн, биир олох / Лариса Кулаковская — Велиславович //Чолбон. — 2019. — № 5. — С. 67-90.
«Чычымахха биһиги дьиэ кэргэҥҥэ бастакы күтүөт кэлбитэ. Эдьиийбит Раиса Уус Алдантан төрүттээх «Эдэр коммунист» хаһыат эрэдээктэригэр Степан Гаврильевич Охлопковка тахсан улахан үөрүүнү түстүүр». Кулаковская-Велиславлевич, Л. Биир сэһэн, биир олох / Лариса Кулаковская — Велиславович //Чолбон. — 2019. — № 5. — С. 67-90.
***
Кулаковская Раиса Реасовна // Кыайыы кынаттаах Албан аат — тыыннаах : Сэрии сылын оҕолоро. Т. 3 / [хомуйан оҥордо С.И. Беркина; ред. И.А. Сивцева] . – Ытык Күөл : “Таатта” хаһыат редакцията, 2015 . – С. 67. |
|
Кулаковская, Р. Р. Олоҕум кэрчиктэрэ / Р. Р. Кулаковская // Охлопков, С. Төлкө түстэниитэ : сэһэннэр, ахтыылар, публикациялар / Степан Охлопков ; хомуйан оҥордулар: А. С. Сыромятникова, И. Д. Сыромятников. – [Можайск], 2018. – С. 406-423. |
|
Кулаковская, Р. Р. Аҕабыт олоҕуттан аҕыйах түгэн / Р. Р. Кулаковская // Өксөкүлээх уола / хомуйан оҥордо А. Р. Кулаковскай ; редактор С. И. Тарасов. – Дьокуускай, 2003. – С. 114-120. |
|
Кулаковская, Л. Р. Татыына / Л. Р. Кулаковская // Чооруостар : ахтыылар, документальнай сэһэн / хомуйан оҥордулар: А. С. Сыромятникова, И. Д. Сыромятников. – Москва, 2006. – С. 101-118. |
|
Кулаковская, Р. Р. Быраатым Атос / Р. Р. Кулаковская // Атос Кулаковскай / хомуйан оҥордулар: М. С. Кулаковская [уо.д.а.]. – Дьокуускай, 2016. – С. |
|
Сивцев-Суорун Омоллоон, Д. К. Ленский историко-архитектурный музей-заповедник «Дружба» (посвященный многовековому содружеству русского и якутского народов) / Сивцев Д. К.-Суорун Омоллон. – Якутск : Бичик, 2000. – 72 с. |