1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
387 views

Михайлова Клавдия Иннокентьевна

Михайлова Клавдия Иннокентьевна— Айылҕаана

(1943-2020)

 1943 сыллаахха сэтинньи 12 күнүгэр Томпо оройуонугар Охотскай Перевозка төрөөбүтэ.  Чычымах оскуолатыгар үөрэммитэ. 1972 с. Дьокуускайдааҕы культпросветучилище театральнай отделениетын бүтэрэн 7 сыл кулууп сэбиэдиссэйинэн, худругунан, баяниhынан үлэлээбитэ. Чурапчы, Чычымах оскуолаларыгар ырыа учууталынан уонна фольклорнай кылаастарга саха инструменнарын оңотторон оҕолору саха фольклоругар уhуйан ансаамбыл тэрийбитэ.

 Клавдия Иннокентьевна айылҕаттан бэриллибит дэгиттэр дьоҕурдааҕа. 1993 сылтан пенсияҕа тахсан араас хайысхалаах дьарыктарын саҕалаабыта. Айылҕаҕа сылдьарын туохтааҕар да ордороро. Эдэр эрдэҕиттэн бултуурун, балыктыырын сөбүлүүрэ. РСФСР охотобществотын сойууhун чилиэнэ этэ.

 1965 сылтан эмтээх оттору интэриэһиргээн гербарий хомуйар буолбута. Онтон сыыйа үөрэтэн дьону-сэргэни эмтииргэ туһанар буолбута. Клара Иннокентьевна  традиционнай медицина киинигэр үөрэнэн норуот эмчитэ буолан ыраахтан-чугастан дьон кэлэн  эмтэнэрэ.

Төрөөбүт дойдутун айылҕатын араас көстүүтүн сөбүлээн уруһуйдуура, хартыыналарын үксүн дьоҥҥо бэлэхтиирэ. Таптыыр дьарыгынан умсугуйан туран дьарыктанан сааһыран баран Россия худуоhунньуктарын сойууhун чилиэнэ буолбута.

Айар куттаах буолан хоhоон, ырыа суруйан хас да кинигэ таһааттарбыта.  Таптыыр поэттарын П. Тобуруокап, С. Дадаскинов, С. Тимофеев, С. Руфов тылларыгар мелодиялары айбыта, бэйэтин тылларыгар ырыаларын суруйбута.  Элбэх фестивалларга, конкурстарга кыттан баянынан ыллаан, кырыымпаҕа оонньоон, уруhуйдаан лауреат үрдүк аатын ылбыта.

Клавдия Иннокентьевна олоҕун 2 оҕото, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.

 

Түүлү тойоннооһун. – ЫтыкКүөл : [«Таатта» хаһыат редакцията], 2016. – 59 с.
Чычымаҕым ыҥырар : [ырыанньык]. – Ытык Күөл : [«Таатта» хаһыат редакцията], 2009. – 16 с.

Эйиэхэ ырыа ыллаары : [ырыанньык]. – ЫтыкКүөл : [«Таатта» хаһыат редакцията], 2010. – 14 с.

https://www.calameo.com/read/005585851e6f6e93febc5

Эмтээх үүнээйилэр уонна сүбэлэр-амалар. – ЫтыкКүөл : [«Таатта» хаһыат редакцията], 2015. – 68 с.

https://www.calameo.com/read/006464753826f1b38f0c7

***

Айылҕа эн доруобуйаҥ кылаата // Таатта. – 2004. – Бэс ыйын 3 к.

Клавдия Михайлова : «Айылҕаттан күүс ылар буоламмын киниэхэ тардыһыым күүстээх» / кэпсэттэ А. Морхоева // Таатта . – 1997. – Муус устар 30 к.

Санаабын сайҕаатахпына сатаныыһык // Таатта. 

Туһалаах үүнээйилэри хомуйуоҕуҥ // Таатта. – 2000. – Муус устар 22 к.

***

Андросова, Л. Өбүгэ сылаас тыынын харыстаан // Таатта. – 2012. – Ыам ыйын 15 к.

Слепцова, А. Истиҥ махтал // Таатта. – 2007. – Бэс ыйын 14 к.