Канаев Иннокентий Петрович (1919-2002) |
РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, ССРС журналистарын союһун чилиэнэ, Таатта улууһун Бочуоттаах гражданина, биллиилээх фотожурналист, Бойобуой Кыһыл Знамя, Кыһыл Сулус, Албан аат III , Аҕа дойду сэриитин I степеннэрдээх орденнар уонна элбэх бойобуой медаллар кавалердара.
1919 с. Таатта оройуонугар Тааттыныскай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Суостаах 1941 сыл бэс ыйыгар Дьокуускайдааҕы педагогическай училищены бүтэрбитэ. 1942 с. бэс ыйыгар Горнай оройуонугар учууталлыы сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбыта. Өлүөнэ өрүһү «Лермонтов» борокуотунан өрө өксөйөн айаннаабыттара. Онтон Уралга Бершет станцияҕа тиийэн 1943 с. олунньу ыйыгар диэри байыаннай дьыалаҕа үөрэнэллэр. Олунньу ый ортотугар үөрэхтэрэ бүтэн, кинилэр чаастара түүннэри-күннэри айаннаан Старай Русса чугаһыгар Ильмень күөл кытыытыгар кэлбиттэрэ. Маҥнайгы бойобуой «сүрэхтэниини» олунньу 23 күнэ үүнэр түүнүгэр ылбыттара. Ити туһунан Иннокентий Петрович маннык ахтара: «Ильмень күөл кытыытыгар талах быыһыгар хонордуу тэринэн эрдэхпитинэ эмискэ түрүбүөгэ биллэрэннэр бары стройдаатыбыт. Онтон хайыһарбытын кэтэн күөлгэ киирэн биир уһугун диэки барарбытыгар бирикээс кэллэ. Бу 37 км уһуннаах, 32 км туоралаах улахан күөл килэҥ мууһа олус халтархай этэ. Онон сорохтор хайыһардарын сүгэн баран сатыы барбыттара. Күөлгэ тыһыынчанан саллаат, офицер киирбититтэн 390-на саха этэ. Өр баҕайы иннибит хоту бардыбыт, арай сыыйа халлаан сырдаан кэллэ. Ити кэмҥэ биэрэккэ чугаһыырбытын кытта өстөөх күүстээх уоту аста, аны үөһэттэн 20-чэ самолет эргийэн кэлэ-кэлэ өр буомбалаатылар. Хардарыта ытыалаһыы бөҕө буолла, өлүү-сүтүү бөҕө таҕыста. Биһиги кэннибитигэр кэлэн испит элбэх саллаат буомбалааһынтан муус алдьаммытыгар ууга былдьаннылар.
Биэрэк 50-ча миэтэрэ хаалбытын кэннэ эмискэ бааһыраммын өйбүн сүтэрэн кэбистим. Төһө өр сыппыппын билбэппин, арай биирдэ өйдөммүтүм 1 станковай пулемет командира Зинченко ыҥырар эбит. Кини немецтэр мууска киирэн бааһыра сытар байыастары ытыалаабыттарын кэпсээтэ. Элбэх хааны сүтэрэммин сэниэ, күүс-уох суох, хата, сотору санитардар кэлэн бэрэбээскэлээтилэр итиэннэ медсанбакка ыйан ыыттылар. Өр да өр хааман нэһиилэ тиийдим, тула барыта дьон өлүгэ, умайбыт, алдьаммыт техника, көрүөххэ ынырык..»
Иннокентий Петрович ити бааһырыытыттан балачча өр эмтэнэн, үтүөрэн салгыы сэрии толоонун устун элбэх кырыктаах кыргыһыыларга кыттар. Украинаны бүтүннүү хааман, Австрияны, Венгрияны босхолоһон сэриини Чехословакияҕа тиийэн түмүктүүр. Дойдутугар 1946 с. этэҥҥэ эргиллэн кэлэр. Барыта 6 төгүл бааһыран, биирдэ контузияланан сэрии алдьархайын этинэн-хаанынан билбитэ.
Сэрии кэнниттэн Иннокентий Петрович 7 сыл устата Өлөөн оройуонун норуотун үөрэҕириитин салаатын салайбыта. Хоту дойдуга үлэлиир сылларыгар кини бүттүүн үөрэхтээһин сокуонун толорбута, оскуолалар материальнай баҕаларын бөҕөргөппүтэ. 1954 сылтан, 8 сыл устата РСФСР Үөрэҕин министерствотын кылаабынай снабпрос маҕаһыынын директорынан үлэлээбитэ. Ити сылларга Саха сирин оскуолаларын материальнай базалара бөҕөргөөбүтэ.
1950 с. И. П. Канаев республика хаһыаттарыгар, телевидениеҕэ уонна радионан биэриигэ штаты таһынан фотокорреспондент быһыытынан көхтөөхтүк кыттан барбыта. 1972 сылтан республика пионерскай хаһыатыгар «Бэлэм буолга» штатнай фотокорреспонденынан үлэтин саҕалаабыта. «Бэлэм буол», «Кэскил хаһыаттарга уопсайа 20-чэ сыл фотокорреспонденынан үлэлээбитэ, республика бары улуустарын, үгүстэрин хастыыта даҕаны кэрийбитэ. Оскуола олоҕун үчүгэйдик билэрэ, оҕо-аймаҕы доҕор – атас оҥостон айымньылаахтык үлэлээбитэ. Оскуолаҕа буолар кэрэхсэбиллээх үлэлэри, пионерскай дружиналар, этэрээттэр умнуллубат түгэннэрин хаартыскаҕа түһэрэн, республика кырачаан ааҕааччыларыгар тириэрдэрэ. Иннокентий Петрович хаартыскалара республика атын да хаһыаттарыгар, «Советское фото» сурунаалга, «Пионерская правда» хаһыакка эмиэ бэчээттэнэллэрэ. Фотокорреспондент хаартыскаларыгар республика биллэр дьонун, үлэ бастыҥнарын үлэлэрин, олохторун кэрэ-бэлиэ түгэннэрин үйэтиппитэ, персональнай быыстапката хаста да ыытыллыбыта.
Иннокентий Петрович иллэҥ кэмигэр күөлтэн тахсыбат балыксыт, кусчут этэ, айылҕаҕа сынньанарыттан астынара, оҕуруот аһын, сибэккини үүннэрэрин, көрөрүн-харайарын олус сөбүлүүрэ. Кэргэнэ Христина Васильевна «Эдэр коммунист» хаһыакка цензура отделыгар үлэлээбитэ.
Биллиилээх фотожурналист Иннокентий Петрович 2002 сыл ыам ыйын 4 күнүгэр ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта.
Бэчээккэ тахсыбыт ыстатыйалар:
- Омук тылын I кылаастан : [Якутскай к. 2 №-дээх орто оскуолата] // Кэскил. – 1991. – Тохсунньу 22 к.
- Федоров, С. Килэҥ мууска анньыы этэ : [Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана И. П. Канаев ахтыыта] / С. Федоров // Үлэ күүһэ. Горнай улууһа. – 2003. – Тохсунньу 15 к. – С. 2.
- Борисов И.В. Славные сыны Якутии : [о якутских журналистах, прошедших горнила Великой Отечественной войны] // Молодежь Якутии. – – 22 апреля. – С. 2.
- Борисов И. С «лейкой» и блокнотом : [о якутских журналистах, прошедших горнила Великой Отечественной войны] // Якутия. – 2010. – 2 октября. – С. 5.
- Борисов И.В. Фотоаппараттаах буойун : [Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана И.П. Канаев 80 сааһын туолла] // Кыым. – 1999. – Балаҕан ыйын 28 к. – С. 2.
- Борисов И. В. Ытык Ильмень кытыытыгар : [Саха саллааттарыгар анаан Новгородскай уобалас Старорусскай оройуонун Буреги с. Обелиск-пааматынньык туруоруллубута] // Республика бүттүүнэ. – 2000. – От ыйын 21 к. – С. 6.
- Васильев А. Бөтүрүөбүс // Кэскил. – 1998. – Олунньу 17 к. – С. 4.
- Васильев А. – Көрдүгэн. Иккис уордьан // Кэскил. – 2013. – Олунньу 19 к.
- Васильев А. – Көрдүгэн. Таатта талыы уола // Кэскил. – 2017. – Олунньу 21 к. – С. 7.
- Васильев Н. Биһиги Петровичпыт // Кэскил. – 1999. – Балаҕан ыйын 28 к.
- Канаев Иннокентий Петрович : [РСФСР Үөрэҕириитин туйгуна, ССРС Журналистарын союһун чилиэнэ И. П. Канаев, 1919-2002 : Некролог] // Саха сирэ. – 2002. – Ыам ыйын 7 к. – С. 4.
- Канаев Иннокентий Петрович : отличник народного просвещения, член Союза журналистов СССР, кавалер орденов Красной Звезды, Славы 3 степени, Красного Знамени, Отечественной войны 3 степени, медали «За победу над Германией» : [учитель – ветеран ВОВ] // Народное образование Якутии. – 2010. — № 2 (74). – С. 127-128.
- Кустуров Д.В. Өрүү олох үөһүгэр : [фотокорреспондент, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа И.П.Канаев 90 сааһа] // Саха сирэ. – 1999. – Алтынньы 1 к. – С. 2.
- Неустроев И. Түөрт бойобуой орден кавалера // Эркээйи. – 2000. – Олунньу 22 к. – С. 2.
- Николаев Д. Уол оҕо саадаҕын үстэ курданан : [норуот үөрэҕириитин туйгуна, ССРС Суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Кыһыл Сулус, Кыһыл Знамя, 3 степеннээх Аҕа дойду сэриитин орденнар кавалердара И.П.Канаев туһунан] // Саха сирэ. – 2011. – Атырдьах ыйын 11 к. – С. 7.
- Павлов И. М. Өлөр өлүү субу-субу барыйан кэлэрэ // Дьылҕаҕын тымтыктанан көрбөккүн / И.М. Павлов. – Дьокуускай, 1997. – ГУП «Полиграфист». – 49-54.
- Саввинова В. Ф. Ильмень күөл кинилэр дьылҕаларыгар : [Кыһыл Знамя, кыһыл Сулус, Албан аат III степеннээх орденнар кавалердара, фотожурналист И.П.Канаев уонна суруйааччы С. С. Васильев тустарынан] / Петя Охлопков // Забота. Арчы. – 2010. – Муус устар 15 к. – С. 123.
- Тарасов А. А. Кинини махтана ахтабыт // Кэскилбит кэрэһитэ. – Дьокуускай, 2001. – 56-57 с.
- Угарова В. Биһиги Петровичпыт // “Кэскил” – “Юность Севера” : (хаһыат историятыттан) / Н. Протопопова киирии тыла; хомуйан оҥордулар: Н.С. Дмитриев уо.д.а. – Дьокуускай : Сахаполиграфиздат, 2001. – С. 29.
- Угарова В. Н. Петровичпыт баара буоллар… // Саха сирэ. – 2005. – От ыйын 7 к. – С. 14.]
- Эҕэрдэ эйиэхэ, хорсун саллааппыт, үтүө доҕорбут, аламаҕай киһибит ! // Кэскил. – 2001. – Ыам ыйын 8 к.