Петров Павел Гаврильевич (1908-1987) |
1908 с. Боотурускай улуус Ойуун ууһун нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүт . 3 группаны үөрэнэ бүтэрбитим диэн ахтыбыт. 1926 с. Кыһыл армия кэккэтигэр саа тутан ГПУ этэрээтигэр өрүс илин өттүгэр Алданынан Өймөкөөн суолун банда кэлэрин кэтээн Уус Майаттан Уус Алдаҥҥа дылы сылдьар этибит.
1942 с. бэс ыйын 24 к. армияҕа барбыт. Бииргэ төрөөбүт быраатынаан бииргэ түбэһэн барбыттар эбит. Уралга диэри бэрт өр айаннаан тиийбиттэр. Онно тиийэн 1 ый үөрэммит. Онтон сэриилэһэр фроҥҥа атаарыллыбыт. Москва анныгар кыргыһыы толоонугар бииргэ төрөөбүт быраатын Леву көрсөн ааспыт, аҕыйах тылынан кэпсэппиттэр. Онтон биир дойдулааҕын Аммосов Егор Михайловиһы сэриилэһэр линияҕа көрсө түспүт. Киһитэ бааһырбыт саллааты салааскаҕа соһон иһэрэ үһү.
Павел Гаврильевич салҕыы Ивановскай уобалас сиригэр Кристцы станцияны, Балогой, Великий Луч дэриэбинэлэри, Новгород куораты ылыыга кыттыбыт. 19 хайыһар бригадатыгар киирэн Ильмень күөллээҕи кыргыһыыга, мууска өстөөх буомбалааһыныгар түбэһэн үгүс биир дойдулаахтара ууга тимирбиттэрин, өлбүттэрин-сүппүттэрин көрбүт (И.Толстяков. Таатта. 1993 с. 8.05. ).
«41 тыһыынча киһи баарбыт. Ити бригада дьоно өлөн, бааһыран, хаалбыт тобох дьон 20-с бригадаҕа холбоспута. Онтон сотору Ильмень күөлү туораан Старай Руссаҕа тиийэн иһэн бааһыран, госпитальга сытан эмтэнэн 1944 с. дойдубар төннөн кэлбитим диэн 1978 с. кулун тутар 4 к. ахтыытыгар бэрт кылгастык суруйбут.
Павел Гаврильевич Аҕа дойду сэриитигэр хорсун быһыытын иһин Аҕа дойду сэриитин бастакы степеннээх орденынан, «Хорсунун иһин», «Германияны Кыайыы иһин мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Сэрииттэн кэлээт үлэ үөһүгэр киирбитэ. Аллараа Амма нэһилиэгэр налоговай агенынан. Чычымах сельпотугар соҕотуопка отделыгар өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 1987 с. ахсынньы ыйга Чычымахха олорон өлбүтэ.