1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
53 views

Андросова-Ионова Мария Николаевна

Саха дьахталларыттан бастакы чинчийээччи

Андросова-Ионова

Мария Николаевна

(14.10.1864-1941)

«М.Н. Ионова саха уус-уран литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, олоҥхоһут, бастакы поэт, үс хос батталга олорбут саха дьахталларыттан, дьадаҥылартан бэйэтин муҥура суох дьулуурунан, сырдыкка, үөрэххэ тардыһыытынан, сүҥкэн үлэһитинэн наука киэҥ эйгэтигэр үлэлээн, этнографияны, антропологияны сайыннарсыбытын иһин учуонайдарга эрэ бэриллэр кыра кыһыл көмүс мэтээлинэн бастакынан наҕараадаламмыта. Саха олоҥхото аан дойду искусствотын шедеврэ буолуутугар олук oҥopбyтa.

Сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар бастакылартан биирдэстэринэн саха театральнай искусствота төрүттэниитигэр акылаат уурсубута, олоҥхону сценаҕа таһаарбыта». (И. Будикин. «Үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүнньүгү оҥостуммуттара», «Таатта», 08.08. 2014)

“Ойууттар кыыралларын, илбистээх ырыаларын биһирээн көрөр-истэр. Тугу истибитин, көрбүтүн эдэр кыыс эрдэҕиттэн сытыы, тобуллаҕас, уһулуччу дириҥ ийэ өйүгэр, этигэр-хааныгар иҥэрэн үүт-үкчү үтүктэр. Сыыйа эбэн, көннөрөн, тупсаран ыллыыр, олоҥхолуур. Баараҕадыйан истэҕин аайы бэйэтэ хоһуйар, олоҥхолуур, урууларга, ыһыахтарга бастыҥ толорооччу буолар. Онон саха тылын сүмэһинин дириҥник, киэҥник билэр буолан академик Э.К.Пекарскай аар-саарга аатырбыт «Саха тылын тылдьытыгар» сүрүн көмөлөһөөччүнэн, атын этнографтарга Н.М.Виташевскайга «Якутские материалы для разработки вопросов эмбриологии, права», Т.Е.Штронберг «Ойууннааһын туһунан», В.Н.Васильев «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхотун бэчээккэ таһаарарыгар, Э.К. Пекарскайга «Саха тылын тылдьытыгар» быһаарыыга, наардааһыҥҥа, редакциятыгар, корректуратыгар бэчээттэнэн бүтүөр диэри көмөлөспүт. Маны таһынан 565 этиини быһаарар, 211 ыстатыйа тылбааһын, 285 тылга холобурдары оҥорбут. Мария Николаевна 1893 сыллаахтан Э.К.Пекарскайы кытта алтыһан, айымньылары суруйан биэрэн көмөтүн саҕалаабыт, араас күрэхтэһиилэри бултааһыны, балыктааһыны, атынан ындыы көтөхсүүнү Өймөкөөнүнэн, Дьокуускайынан, Халыманан айаннааһыны барытын көрсөр. Кини сурукка-бичиккэ үөрэнэр баҕата туолан, В.М.Ионов дьиэтээҕи оскуолатыгар үөрэнэр. Айар дьоҕура күүскэ сайдар. Политсыылкаҕа кэлбит араас омук үөрэхтээх, үрдүк культуралаах, киэҥ билиилээх уонна саха, атын кыра хотугу омуктар олохторун, культураларын, тылларын үөрэтэр, дьону кытта бодоруһар. Кинилэргэ үлэлэригэр көмөлөспүтүнэн барар. Саха тылын үөрэтэр Э.К.Пекарскайга 1893 сыллаахха 3 олоҥхону суруйан биэрбит. Мантан «Күлкүл Бөҕө оҕонньор Силлирикээн эмээхсин икки» диэн улахан суруйуутун этнограф-ученай Г.В.Ксенофонтов поэма диэн ааттаабыт уонна суруллубут кэминэн сахалартан М.Н.Ионова бастакы поэтынан билиниллиэхтээх, Аан дойду литературатын институтугар үлэлээбит И.В.Пухов «Маҥнайгы сахалыы уус-уран айымньыны хаалларбыт өҥөлөөх», — диэбит. Филологическай наука доктора Е.И. Коркина этэринэн «Автобиографическай айымньы», онтон Н.Х.Андросов «Саха уобалаһыгар аан бастаан сахалыы тылынан суруллубут айымньы» эбит. Мария Николаевна бу олоҥхотугар бастакынан нуучча бухатыырдарын олоҥхо сүрүн геройдарынан православнай таҥараны, нуучча, саха таптаһан кэргэннии буолууларын, оҕолоноллорун көрдөрбүт. Мария Николаевна олоҥхоттон ураты үтүмэн элбэх хоһооннору, таабырыннары, өс хоһооннорун, сэһэннэри, номохтору, чабырҕахтары, остуоруйалары суруйар. Өссө 845 ахсааннааҕы суруйан ССРС НА Ленинградтааҕы отделын архивыгар хаалларар». Иван Будикин «Бастакы учуонай дьахтар», «Таатта», 28.02.2014.

«Уолбаҕа хас да политсыылынай олоро сылдьыбытыттан ойуччу биллэр В.М. Ионов 1886 с. Маайабыт тойоно Симон Слепцов дьиэтигэр олорор уонна дьиэтээҕи оскуоланы арыйан, саха оҕолорун сурукка-бичиккэ үөрэппитэ, этнографиянан, фольклорунан дьарыктаммыта. Мария Николаевна киниэхэ тиийэн, балтараа ый устатыгар үөрэнэн, оччотооҕу О.Н.Бетлингк транскрипциятынан олохтоммут саха суругунан көҥүл ааҕар-суруйар буола охсор.

1893 с. 29 сааһыгар Всеволод Михайловичка эргэ тахсар. Сиимэн баай көмөтүнэн Чэкчэл диэн сиргэ саҥа дьиэ туттан, ынах, сылгы сүөһүлэнэн, бурдук, оҕуруот сирдэнэн, син быр-бааччы ыал буолан бараллар. Мария Николаевна кэргэниттэн элбэххэ үөрэнэр, бары үлэтигэр көмөлөһөөччү буолбутунан барар. Маны таһынан кэргэнин кытта Э.К.Пекарскайга тылдьыт оҥороругар көмөлөһөллөр. Бу кэмҥэ икки олоҥхотун «Күлкүл Бөҕө оҕонньор Силлирикээн эмээхсин икки», «Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ айыы тойон ыччаттара» диэни уонна «Орто дойдуну тупсарарга түспүт хара тыа иччитэ баай Барыылаах» олоҥхо саҕаланыытын суруйталаан, Эдуард Карловичка биэрбитин «Образцы народной литературы якутов» диэн үлэтигэр бэчээттэтэн таһаарар. Бу саха олоҥхотун олохсуйбут стилинэн уонна форматынан суруллубут дьиҥнээх олохтон элбэх чахчы кыбытыллыбыт айымньыта буоларын кэлин чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Олоҥхону таһынан Мария Николаевна хоһоон суруйбута бэчээттэнэн тахсыталаабыта, араас көрүүлээх ыстатыйалары суруйбута, саха фольклорун чинчийбит үлэлэрдээҕэ биллэр.

1922 с. кэргэнэ өлбүтүн кэннэ Петроградка тиийэн, Этнография уонна Антропология институтугар үлэҕэ киирэн, 1930 с. диэри үлэлээбитэ. Наука эйгэтигэр үгүс сыралаах үлэтэ сыаналанан, 1925 с. Нуучча географическай обществотын кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Мария Николаевна саха театральнай искусствота саамай бастакы хардыыларын оҥоруутугар эмиэ олук уурсубута. 1907 с. саха ойоҕос дьарыгырар сценатыгар турбут «Кулун Кугас аттаах Кулантай бухатыыр» диэн олоҥхоҕо сүрүн героиня Үрүҥ Үкэйдээн оруолун толорбута. 1908 с. турбут В.В.Никифоров – Күлүмнүүр «Манчаары түөкүнүгэр» Манчаары ийэтин уонна Бэрт Маарыйа оруолларын оонньотолообута. Мария Николаевна В. М. Ионовтан түөрт оҕону төрөппүтэ. Уолаттара аҕалара баарына: Виктор ымынахтаах тиибинэн ыалдьан, Вячеслав дьааттаах газка тумнастан өлбүттэрэ. Улахан кыыһы Людмиланы 1937 с. былааһы утарар эсердэр тэрилтэлэрин чилиэнэ эбит диэн репрессиялаан хаайаллар уонна ытан өлөрөллөр. Кини аата билигин толору реабилитацияланан турар. Людмилаттан биир кыыс оҕо – Галина Павловна Деревянко хаалан, Ленинградскай уобалас Колпино диэн куоратыгар олорор. Кыра кыыһа Ольга Всеволодовна университет кэнниттэн аспирантураны бүтэрэн, историческай наукаҕа кандидат буолан Москваҕа, Ленинградка, Дьокуускайга үлэлээбитэ. Кини кыыһа Виктория Григорьевна Ионова Москваҕа олорор. Хомойуох иһин, бу курдук биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбыт биир дойдулаахпыт өлбүт күнэ-дьыла чуолкай биллэ илик диэн кинигэҕэ суруллар.

Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытынан Ташкеҥҥа эвакуацияҕа ыытыллыбыта, онно 1941 с. ахсынньы 1 күнүгэр тиһэх пенсиятын ылбыта бэлиэтэнэ сылдьарынан бүппүт”. Анна Боппосова “Нуучча Географическай обществотын мэтээлин кавалера”, “Таатта», 21.02.2014