Эллэй сайын төрөппүттэригэр сайылыы тахсара. Мэҥкээйигэ көһөрүллүбүт дьиэ хоһугар уһун күнү быһа суруйара. Биһиги кыра оҕолор мэниктээн дьиэни өрө сүктэхпитинэ, күлбүтүнэн хоһуттан тахсара уонна эккирэтиһэ оонньуура. Оҕолорго наһаа эйэҕэстик сыһыаннаһара.
Кэнники уоппускатыгар мин дьоммор кэргэнинээн кэлэрэ. Алаас соҕуруу өттүгэр Тураҥнаах көлүччэтин таһыгар кырдалга олорон хоһоон суруйара. Онно миигин илдьэ сылдьара. Суруйарыгар чуумпуну сөбүлүүрэ. Ыйыттаҕына сөптөөх эппиэти ыллаҕына астынара.
Алтыс кылааһы бүтэрбиппэр, куоракка салгыы үөрэнэ барыс диэбитин аккаастаммытым. Билигин кэмсиммит иһин ааспыт эргийбэт.
Семен Дмитриевич Кулачиков, кулун тутар 30 к. 1981 сыл. («Таатта» хаһыат, 3.11.1994)