1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
465 views

Канаева Анна Николаевна-Дьүрүскээнэ

 

Канаева Анна Николаевна-Дьүрүскээнэ

СѲ культуратын туйгуна,  СѲ Үѳрэҕириитин туйгуна, «Гражданскай килбиэн», «Норуот уус-уран айымньытыгар киллэрсибит кылаатын иhин» бэлиэлэр хаhаайкалара, Амма нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

 Анна Николаевна 1948 с. Охотскайга II Алдан нэhилиэгэр тѳрѳѳбүтэ.  Өр сылларга Чычымахтааҕы «Туйаара» детсакка үрдүк категориялаах фольклорист-педагогынан үлэлээбитэ. Саха хомуhун дьүрүhүйэр дьикти алыбар ылларбыт хомусчут-импровизатор, СѲ культуратын туйгуна,  СѲ Үѳрэҕириитин туйгуна, «Гражданскай килбиэн», «Норуот уус-уран айымньытыгар киллэрсибит кылаатын иhин» бэлиэлэр хаhаайкалара, 2005 с. РФ Үѳрэҕириитин миниистирин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта, Амма нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

 Анна Николаевна дэгиттэр талааннаах: үҥкүүhүт, хомусчут, чабырҕахсыт, тойуксут, норуот ырыаларын толорооччу, оhуохайдьыт. Элбэх кѳлүѳнэ ыччаты тѳрѳѳбүт норуоттарын фольклорун, культуратын, үтүѳ үгэстэрин иҥэринэ, таптыы улааталларыгар үѳрэппит улахан ѳҥѳлѳѳх. 1984 с. детсад үлэhиттэригэр анаан «Күбэй» фольклорнай ансаамбылын тэрийбитэ.  Чычымах орто оскуолатыгар сүүрбэччэ сыл устата «Күбэй күѳрэгэйдэрэ», «Хомус», «Чээн-чээник» диэн фольклорнай ансаамбыллары тэрийэн, салайан үлэлэппитэ. Үѳрэппит оҕолоро араас конкурстарга ситиhиилээхтик кытталлар. «Чээнэ» ансаамбыл 2008 с. Одесса куоракка ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы фестивальга лауреат үрдүк ааты ылары ситиспиттэрэ. 

 Хомоҕой тыллаах хоhооннору, чабырҕахтары суруйар. Хомус, хомусчуттар, хомус уустарын туhунан суруйбут элбэх хоhоонноро, ыстатыйалара Анна Николаевна хомус пропагандиhа буоларын туоhулууллар. 1988 с. энтузиаст — иитээччи оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах  оҕолор тэрилтэлэриттэн республикаҕа бастакынан «Хомус алыба» музей-кабинеты тэрийбитэ. Сылдьыбыт эрэ барыта кэрэхсиир баай ис хоhоонноох музей-кабинет үүнэр кѳлүѳнэни иитиигэ-үѳрэтиигэ оруола улахан. Анна Николаевна хомусчут, тойуксут, чабырҕахсыт буолан кэнсиэрдэргэ, конкурстарга, ыhыахтарга ситиhиилээхтик кыттар, алгысчыт быhыытынан  малааhыннарга, урууларга, атын да тэрээhиннэгэ алгыс сиэрин-туомун оҥорор. Үрдүк категориялаах фольклорист-педагог  элбэх араас таhымнаах семинардарга, конференцияларга кыттыыны ылан, үлэтин баай опытын киэҥник тарҕаппыта. 2008 с. «Олоҥхо сиригэр Аан дойду культурата» Аан дойдутааҕы фестивальга «Сыл бастыҥ салайааччыта» ааты ылбыта. Бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор нэһилиэк общественнай олоҕор көхтөөхтүк кыттар, баай ис хоһоонноох коллекцияларынан араас быыстапкалары туруорар. 

Брошюралара:

Дьурулас дьоҕус хомуhум. – Таатта, 1999. – 28 с.

Хомус туһунан хоһооннор, «Хомуһунан айыллыбыт матыыптар» диэн ааатынан  «Күбэйим вальса», «Амма эбэм уута», «Кулунчук» ырыалар киирбиттэр.

https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/52/khudozhestvennaya-literatura/269/durulas-do-us-khomu-um?tab=getmybooksTab&is_show_data=1

Л.Н. Турнин туhунан : ахтыылар. – Таатта, 2002. – 16 с.

Хомустаах хамсаныылар : (иитээччигэ пособие). – Таатта, 2003. – 15 с.

«Күбэй» фольклорнай ансамбль. – Таатта, 2004.

Тыылтан тыыллыбыт олох : ахтыылар. – Чычымах, 2005. – 56 с.

Ааппын хомус эттэ : хоhооннор. –Чычымах, 2006

https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/52/khudozhestvennaya-literatura/524/aappyn-khomus-ette?tab=getmybooksTab&is_show_data=1

Мандар уус хомустара. – Чычымах, 2014. – 24 с.

Чобуо тыл – чабырҕах (оҕолорго). – Ытык Күѳл : «Таатта» хаhыат редакцията, 2015. – 40 с. («Уран тыл оhуордаах хонуута» серия).

https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/52/khudozhestvennaya-literatura/515/chobuo-tyl-chabyr-akh?tab=getmybooksTab&is_show_data=1

«Туйаара» чөмчүүк саас биһигэ / [хомуйан оҥордулар Ф.А. Андросова, Д. Е. Иванова] . — Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2021 . — 144 с.

  «Уһуйаан киэн туттуута» IV түһүмэххэ «Күбэй»ансаамбыл, «Күбэй күөрэгэйдэрэ», «Хомус», «Чээник» фольклорнай бөлөхтөр тустарынан сырдатыллыбыт.

  • «Холумтан сылааhынан» оҕо дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиитэ : семинар – практикум сценарийа. – Чычымах, 2013. – 12 с.
  • Хомус музейа. – Чычымах, 2011. – 16 с.

Бэчээккэ:

  1. Кѳмѳлѳѳх тэрилтэ : [ыстатыйа] // Таатта. – 1984. – Алтынньы 13 к.
  2. Хомусчут аатын үйэтитиэҕиҥ : [ыстатыйа] // Таатта. – 1992.
  3. «Күбэйдэр» күндүтүк саныыллар : (Дьүhүйүү)  // Таатта. – 1995. – Кулун тутар 31 к.
  4. Маанылаах маҥан аппын ; «Күбэй» вальса : хоhооннор // Учуутал аргыhа. – 1995. – От ыйын 6 к. – С. 4.
  5. Хомуспут хоhуйар – ийэни (дьүhүйүү) : [ыстатыйа] // Таатта. – 1996. – Бэс ыйын 5 к. – С.3.
  6. Уhуйбут учууталбынан ааҕабын : [ыстатыйа]  // Таатта. – 1997. – Атырдьах ыйын 14 к. – С.4.
  7. Хомуhум ; Сыыйа тардыы ; Дугуйан тардыы ; Хомус эрэ ; Арай хомус : хоhооннор // Чолбон. – 1998. — № 2. – С. 57-58
  8. Оҕону уус-уран тылынан саҥаран иитии суолтата : [ыстатыйа]  // Таатта. – 1998. – Алтынньы 1 к. – С.5.
  9. Хомуhум туhунан саҥа хоhооннорум ; Алгыс : хоhооннор // Чолбон. – 1999. — № 10. – С.55-56.
  10. «Сайын» ансамбль соргута : [ыстатыйа]  // Таатта. – 1999. – Ахсынньы 2 к. – С.4.
  11. Оhуохайдьыттар – ыhыах киэргэллэрэ : [ыстатыйа] // Таатта. – 2004. – Бэс ыйын 22 к. – С.3.
  12. Хомус ыллаата ; Хомус дьикти тылынан ; Хомус тыаhа ыра буолан : хоhооннор  // Таатта. – 2005. – Муус устар 30 к.
  13. Ситиhиилээхтик кытынныбыт : [ыстатыйа] // Таатта. – 2005. – Сэтинньи 17 к. – С.3.
  14. Сибиинньэ сылын чабырҕахтара : чабырҕахтар  // Таатта. – 2007. – Тохсунньу 6 к. – С.2.
  15. Олоҥхоhут Бэдьээлэлиин икки кѳрсүhүү : [ыстатыйа] // Таатта. – 2007. – От ыйын 28 к. – С.4.
  16. Олоҥхону толорууга утумнаахтык : [ыстатыйа] / Т.Варламова, А. Канаева // Таатта. – 2008. – Олунньу 19 к. – С.1.
  17. Кырыыса сылын кириисиhэ ; Оҕус сылын оҥкула : [хоhооннор] // Таатта. – 2008. – Ахсынньы 30 к.
  18. Боккуойа «биэ-биэ буота» : чабырҕахтар  // Таатта. – 2009. – Тохсунньу 23 к. – С.4.
  19. Ийэ тыл илдьитэ — иитээччи : [ыстатыйа]  // Таатта. – 2009. – Олунньу 13 к. – С.5.
  20. Муус оҥоhук – тѳрѳппүт кыhыҥҥы поэзията : [ыстатыйа]  // Таатта. – 2009. – Ахсынньы 29 к. – С.7.
  21. Поэт Эллэй күннэрэ «Туйаара» детсадка : [ыстатыйа]  // Таатта. – 2010. – Тохсунньу 26 к. – С.3.
  22. Хомус уонна театр : [ыстатыйа] // Таатта. – 2010. – Олунньу 5 к. – С.2.
  23. Учууталым ытыктанар ыллыга : [ыстатыйа] // Таатта. – 2010. – Алтынньы 5 к. – С.2.
  24. Саха уус омук буоларын кэпсии туруоҕа : [ыстатыйа] // Таатта. – 2010. – Алтынньы 22 к. – С.3.
  25. Мандар хомуhа : [ыстатыйа] // Таатта. – 2010. – Сэтинньи 26 к. – С.3.
  26. Тиигир сылын тэhииннэрэ : [хоhоон] // Таатта. – 2010. – Ахсынньы 31 к.
  27. Лука Турнин ансаамбылын хомусчута : [ыстатыйа] // Таатта. – 2011. – Муус устар 1 к. – С.3.
  28. Муус устар – Хомус ыйа : [ыстатыйа] // Таатта. – 2011. – Муус устар 26 к. – С.2.
  29. Уол оҕо хомуска оонньоотоҕуна.. : [ыстатыйа]  // Таатта. – 2011. – Ыам ыйын 24 к. – С.2.
  30. Саргылаах күннэрбитин кытта ыкса сибээстиибит : [ыстатыйа]  // Саха сирэ. – 2011. – Алтынньы 18 к. – С.3.
  31. Махтал хомус уустарыгар : [ыстатыйа]  // Таатта. – 2011. – Сэтинньи 25 к. – С.2.
  32. Петр Оготоев үбүлүѳйүгэр анаммыт тэрээhин : [ыстатыйа] / // Таатта. – 2012. – Тохсунньу 17 к. – С.2.
  33. Л.Н.Турнин музейын биир экспоната — хомус : [ыстатыйа]  // Таатта. – 2012. – Олунньу 10 к. – С.3.
  34. Кыргыттарым- кэрэхсэбиллээх үлэ тэрийээччилэрэ : [ыстатыйа]  // Таатта. – 2012. – Бэс ыйын 8 к. – С.3.
  35. Турнин талбыт талаана : [ыстатыйа]  // Кэскил. – 2012. – Бэс ыйын 26 к. – С.16.
  36. «Күбэй» уонна «Кылыhах» тэҥҥэ сайдабыт : [ыстатыйа]  // Таатта. – 2012. – Сэтинньи 2 к. – С.3.
  37. Хомуhу иhийэн истии : [хомуска оонньооhун туhунан санаалар] // Таатта. – 2014. – Ахсынньы 9 к. – С.5
  38. Культура сылын түмүктээтилэр : [ыстатыйа] // Таатта. – 2015. – Тохсунньу 29 к. – С.3.
  39. Олоҥхо эйгэтигэр оҕолор : [ыстатыйа]  // Таатта. – 2015. – Сэтинньи 17 к. – С.3.
  40. Аарыктаах хомус айана : [ыстатыйа]  // Таатта . – 2016. – Муус устар 28 к. – С.1.
  41. Хомус ыhыаҕа : [ыстатыйа]  // Таатта. – 2016. – Бэс ыйын 30 к. – С.4.
  42. Эчи диэн эттэххэ… : чабырҕах // Таатта. – 2016. – Ахсынньы 31 к. – С.4.