1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
590 views

Норуодунай худуоһунньук, скульптор Максим Максимович Павлов 80 сааһын туолла

1942 с. кулун тутар 15 күнүгэр II Алдан нэһилиэгэр бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1952 с. Чычымах сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан араас выставкалартан саҕалаан оройуон фестивалыгар активнайдык кыттара. Армияҕа муоратааҕы байыаннай флотка сулууспалыы сылдьан  А.А.Соловьев диэн скульптор салайыытынан Александр Матросов хорсун быһыытын хатылаабыт матрос А.П. Ильичевка пааматынньык оңорбута Камчатскай уобалас Паратунки селотугар турар. Олоҕун устата туох баар рабочай профессиятын барытын баһылаата. Ол курдук кини: электрик, механик, сантехник, оһохчут, тутааччы, прораб, газосварщик.

Максим Максимович 1959-1960 сс. Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа үөрэммитэ. Онтон 1964-1968 сс. Алма-Ататааҕы художественнай училище скульптурнай отделениетыгар народнай худуоhунньук Рахманов В.Ю. мастарыскыайыгар талаанын сайыннарбыта, идэ ылбыта.

Кини 1967 сылтан ыла араас быыстапкаларга кыттыыны ылбыта. 1968-1981 сс. Дьокуускайга үөрэммит училищетыгар учууталлаабыта.

1975 с. ССРС худуоhунньуктарын союhун бырабылыанньатын чилиэнинэн ылыллыбыта. Саха сирин худуоhунньуктарын союhун бырабылыанньатыгар өр сылларга үлэлээбитэ.

Үгүс үлэлэриттэн аҕыйаҕы этэр буоллахха, 1981 с. «Человек и мир» диэн Монреаль куоракка буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа кыттыбыта. 1984 с. Румыния Бухарест куоратыгар эмиэ итинник таhымнаах быыстапкаҕа кыттыыны ылары ситиспитэ. 1990 с. «Советский Дальний Восток» диэн 7-с зональнай быыстапка кылаабынай худуоhунньуга буолбута. 1991 с. Москва куоракка «Искусство алмазного края» быыстапка директорынан үлэлээбитэ.

Максим Максимович «ССРС культуратын туйгуна» (1963), «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэлэр хаhаайыннара, Таатта улууhун Бочуоттаах олохтооҕо(2002), Амма нэhилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, 1990 с. «Саха АССР народнай худуоhунньуга» диэн үрдүк аат иҥэриллибитэ.

«Сүгүрүйэр сүдү кыhабыт» кинигэттэн