Кузьмин Иннокентий Васильевич (24.06.1913-25.06.1966)
|
Таатта улууһун IV Дьохсоҕон нэһилиэгин Сиэллээҕэр, кыракый «Куттах» алааска төрөөбүтэ.. Төрөппүттэрэ: Кузьмин Василий Наумович, Сергеева (Кулаковская) Пелагея Ивановна.
Чөркөөх сэттэ кылаастаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Оскцуолаҕа үөрэнэр сылларыгар Сиэллээххэ сир түҥэтигин ыыппыт комиссия чилиэнэ этэ. 1934 с. Дьокуускайдааҕы педтехникуму бүтэрбитэ.
1934-1935 сс. Чычымах оскуолатын учуутала
1937-1938 сс. Чычымах оскуолатын директора
1938 сыл муус устар 8 күнүттэн 1939 сыл кулун тутар 2 күнүгэр диэри, сымыйа дьыалаҕа репрессияҕа түбэһэн Дьокуускай түрмэтигэр сытар. Суутунан 7 сылга ууруллан баран, буруйа суоҕа дакаастанан реабилитацияланар.
1940-1942 сс. Дэбдиргэ оскуолатын учуутала.
1942 с. Бэс ыйын 23 күнүгэр армияҕа ыҥырыллар. Сэриини 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр Австиряҕа Грац куораттан 30 км. арҕаа түмүктүүр.
Бойобуой наҕараадалара: «Кыһыл сулус» уордьан. (26.09.43), Аҕа дойду сэриитин II -с степеннээх ордена (15.03.44), Аҕа дойду сэриитин 1-кы степеннээх ордена (19.10.44), “Хорсунун иһин” мэтээл (17.10.43), “Будапеһы ылыы иһин”, “Германияны кыайыы иһин”, “За взятие Берлина” мэтээллэр, хас даҕаны Сталинтан уонна полк, дивизия командирдарыттан махтал суруктар.
Сэриилэспит чаастара: хайыһар 21-с туспа биригээдэтэ, 4-с гвардейскай десантнай дивизия 9-с гвардейскай полката, 316-с стрелковай дивизия 1075-с стрелковай полката.
1946 с. Балаҕан ыйыгар армияттан дойдутугар эргиллэр.
1946-1953 сс. -партия Тааттатааҕы райкомун пропагандаҕа отделын сэбиэдиссэйэ, райком иккис секретара, Баайаҕа оскуолатын директорва, үөрэх оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйэ.
1953-1956 сс. – бөдөҥсүйбүт «Победа» колхоз председателэ, колхоһу оройуоҥҥа бастакынан миллионер колхоз оҥорор.
1956-1966 сс. – партия райкомун инструктора, Ленин аатынан колхоз председателэ, Дьохсоҕон оскуолатын учуутала, райпотребсоюз председателэ уонна председателин солбуйааччыта.
1966 с. Бэс ыйын 25 күнүгэр Дьокуускай балыыһатыгар ыарахан операция кэнниттэн сырдык тыына быстыбыта. Көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбүт сирэ – Дьохсоҕон нэһилиэгин Баҕах кылабыыһата.
Е.Ф. Кузьмина «Таатта-2018 : ытык-бэлиэ күннэр», 47-51 стр.
***
Олох, охсуһуу үөһүгэр / [хомуйан оҥордулар : Е. Ф. Кузьмина, В. И. Кузьмин]. – Ытык-Күөл : “Таатта” хаһыат редакцията» АТ, 2013. – 208 [3] с.
Кустуров, Д. В. Олох эриирдээх суолунан : (киһи кэрэмэһэ, буойун ньургуна Кузьмин Иннокентий Васильевич туһунан] / Дмитрий Кустуров . – Дьокуускай : Бичик, 2015. – 95 с.
Үөрэххэ, сырдыкка сирдээбит маҥнайгы учууталларбыт : [фотоальбом] / [хомуйан оҥордо А. К. Васильева] . – Ытык Күөл : «Таатта» хаһыат редакцията, 2015 . – С. [6]
Репрессия сылларыгар // Сүгүрүйэр сырдык кыһабыт : С. Р. Кулачиков – Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын 100 сыла / хомуйан оҥордо Г. П. Бястинов ; рецензеннэр : П.П. Ефимов, М. Н. Малышева, Е. П. Малышева, Т. С. Григорьева, А. В. Кириллина . – Дьокуускай : Бичик, 2006 . – С. 16-17.
Сэмэй дьон сырдык сэбэрэлэрэ / хомуйан оҥордо В. Л. Малышева . – Дьокуускай : [и.с.], 2015 . – С. 242-244.