Кулаковскай Атос Реасович
(1939-2016) РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ, Үйэ мецената, РФ спордун Бочуоттаах ветерана, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн» анал аат хаһаайына, Таатта уонна Уус Алдан улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо. |
«Кулаковскай Атос Реасович Таатта оройуонугар Чөркөөххө төрөөбүтэ. Чычымах 7 кылаастаах оскуолатын, 1958 с. Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрбитэ.
1958-1959 сс. Орто Халыма оскуолатыгар учууталлаабыта, хайыһар секциятын, драмкуруһуогу салайбыта. Орто Халыма оройонун ДОСААФ бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитэ.
1962-1967 сс. Саха государственнай университетыгар физико-математика факультетыгар үөрэммитэ. Манна үөрэнэр сылларыгар комсомолга уонна профсоюзка көхтөөх общественнай үлэтэ сыаналанан, кини аата СГУ “Бочуотун кинигэтигэр” киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран СГУ-га математика кафедратыгар, Уус Алдан оройуонун Курбуһах, Суотту оскуолаларыгар үлэлээбитэ. 1975-1979 сс. Уус Алдан оройуонун үөрэҕин салаатыгар инспектордаабыта, партия райкомугар инструкторынан үлэлээбитэ. 1974-1984 сс. Оройуон культуратын салаатыгар сэбиэдиссэйдээбитэ.
1984 с. төрөөбүт Тааттатыгар төннөн, партия райкомугар инструктордаабыта, онтон пропаганда уонна агитация отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1987-1989 сс. Ытык Күөл 1№-дээх орто оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ. Оскуола материальнай-техническай базата бөҕөргүүрүгэр үгүс сыратын биэрбитэ. Бу сылларга үөрэтиигэ кабинетынан систиэмэ олохтоммута, таас оскуола тутуута саҕаламмыта.
1989 с. Атос Реасовиһы оройуон үөрэҕин салаатын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Кини салайар кэмигэр Ытык Күөл 1№-дээх, Чөркөөх, Хара Алдан орто оскуолаларын, Туора Күөл начальнай оскуолатын дьиэлэрэ, Баайаҕа начальнай, Чымынаайы, Уус Таатта, Баайаҕа, Игидэй, Дьохсоҕон, Ытык Күөл 2 №-дээх оскуолаларынмастарыскыайдара тутуллубуттара. 1992 с. республикаҕа бастакылартан биирдэстэринэн Таатта гимназията аһыллыбыта. Атос Реасович улуус оскуолаларыгар каадыры бөҕөргөтүүгэ, олохсутууга улахан болҕомтотун уурара. Бу кэмҥэ Чычымахха уонна Уус Тааттаҕа учууталларга уопсай дьиэлэр тутуллубуттара.
1999-2007 сс. А.Р. Кулакуовскай СР Үөрэнээччилэрин ситиһиилэрин көрдөрөр республикатааҕы Эбии үөрэхтээһин уонна оҕолору гражданскай-правовой иитии киинин методиһынан айымньылаахтык үлэлээбитэ.
Хайыһарга ССРС спордун маастара (1968 с.), С.Р. бочуоттаах бэтэрээнэ (2002 с.).
Саха Республикатын үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайына (2011 с.), Таатта (2001 с.) уонна (Уус Алдан (2014 с.) улуустарын бочуоттаах гражданина.»
В.А. Сизых, А.Р. Кулаковскай кыыһа
“Таатта-2019 : ытык-бэлиэ күннэр”, с. 28-31.
Кулаковскай Атос Реасович хомуйан оҥорбут кинигэлэрэ :
Кырдьаҕас оскуолаҕа махтал тыллар… С.Р. кулачиков- Эллэй аатынан Чычымах оскуолатын 100 сааһыгар анаан хомуйан оҥордулар : Кулаковскай А.Р., Чарина И.С. – Дьокуускай : CMYK-master, 2006. -43 с. : ил. |
|
Өксөкүлээх уола / редактор С.И. Тарасов. — : Дьокуускай : Бичик, 2003. – 208 с. | |
Өксөкүлээх уола / редактор С.И. Тарасов. — : Дьокуускай : Сайдам, 2009. – 303 с. : ил. |
Ыстатыйа
Эһэм – норуот педагога // Чооруостар : ахтыылар, документальнай сэһэн / хомуйан оҥордулар : Сыромятникова А.С., Сыромятников И.Д. – Москва : Графпресс, 2006. – С.78-80. |
Атос Реасович Кулаковскай туһунан:
Атос Кулаковскай / хомуйан оҥордулар М.С. Кулаковская [уо.д.а.]. – Дьокуускай : Сайдам, 2016. – 288 с. : ил. | |
Охлопков, С. Г. Төлкө түстэниитэ : [Сэһэннэр, ахтыылар, публикациялар] / Степан Охлопков ; хомуйан оҥордулар : Сыромятникова А.С., Сыромятников И.Д. – Дьокуускай : [и.с.], 2018. – С. 262-263. |
|
Охлопков, С. Г. Төлкө түстэниитэ. Өксөкүлээх удьуордара. Ахтыы — сэһэннэр . – Москва : ООО «Восток-издат», 2002. – С. 272-273. |
Сизых, В.А. Кулаковскай Атос Реасович // Таатта-2019 : ытык-бэлиэ күннэр / “Таатта улууһа” муниципальнай оройуон, Таатта улууһун библиотекаларын киннэммит ситимэ, И. А. Аргунов аатынан Ытык Күөл киин библиотеката, Таатта улууһун кыраайы үөрэтээччилэрин көҥүл түмсүүтэ ; хомуйан оҥордо Е.И. Шестакова ; Тааттатааҕы муниципальнай архыып сэбиэдиссэйэ Л.П. Слепцова бэлэмнээбит матырыйааллара туһнылыннылар ; кинигэ тахсарыгар эппиэтинстээх А.К. Билюкина. – Ытык Күөл : [и.с.], 2019. – С. 29-31. |