Кулаковскай Реас Алексеевич
(08.04.1914-31.05.1993)
«Р.А. Кулаковскай Бүлүү куоратыгар төрөөбүтэ, оччолорго аҕата Өксөкүлээх Өлөксөй онно учууталлыы олорор кэмэ этэ. Онтон аҕатын үлэтиттэн уураппыттарыгар Реаһы Тааттаҕа аҕатын убайыгар Оонньуулаах уйбааҥҥа ииттэрэ ыыталлар. Реас балтараатын туолбутун кэннэ эбэтигэр, онтон иккитин туолуутугар эһэтин кытта бииргэ төрөөбүт икки хараҕа суох Быргый Уйбаан кийиитигэр Татьяна Ивановна Кулаковскаяҕа иитиллэр. 6 сааһыттан эдьиийэ Лариса оҕолоон, көрөн-харайан улаатыннарар. Эдьиийин кытта олорон Чөркөөх 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэр. Онтон төрөппүттэрэ өлөннөр, биир сыл тохтоон баран, 1933 с. Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа үөрэнэ киирэр. 1940 сылтан Баайаҕаҕа, Дьүлэйгэ, Тыараһаҕа биирдии сыл учууталлыыр. 1945 сылтан 1948 сылга диэри институтка үөрэнэр. Сыл аҥаара Сангаарга, биир сыл Кириэс Халдьаайыга, онтон аҥаардас Чычымах оскуолатыгар 20 сыл үлэлээбитэ. Манна кини саха тылын уонна дитературатын, математика, физика, химия, биология, байыаннай дьыала уруоктарын биэрэн үтүмэн үгүс оҕону үөрэппитэ. 1953 с. «Үлэҕэ туйгунун иһин» медалынан наҕараадаламмыта. Уус-уран литератураҕа 1962 сылтан, 50 сааһыгар чугаһаан баран холонон көрөр буолбута. Бастаан республика хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар быстах-быстах кэпсээннэрин бэчээттэтэн иһэн 1965 с. «Сыккыс диэн» кэпсээннэрин хомуурунньугун таһаартарбыта. Итинтэн кэлин «Сиккиэр», «Сэһэннэр», «Олоҕу таптаа», «Сэһэннэр уонна кэпсээннэр», «Луҥку киэһэ», «Олох лабаалара» кинигэлэрэ утуу-субуу бэчээттэнэн тахсыбыттара. Суруйааччылар, учуонайдар Реас кулаковскай айар үлэҕэ ылсыбытын уруйдаабыттара уонна аҕатын туһунан суруйуохтааҕын бэлиэтээбиттэрэ. Бу кэмтэн ыла аҕата айаннаабыт сирдэринэн сылдьан, дьону көрсөн кэпсэтэн, араас документальнай матырыйаалларга, аймах-билэ дьонун ахтыыларыгар, олоххо буола сылдьыбыт түбэлтэлэргэ олоҕуран 11 сыл устата суруйан бүтэрбитэ. Сэһэн бэчээккэ 1990 с. тахсыбыта. Реас Алексеевич ааҕааччыга хоһоонньут быһыытынан биллэр. 1993 с. «Луҥку киэһэ», «Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор» диэн хоһооннорун кинигэлэрин таһаартарбыта.
Реас эдэр эрдэҕиттэн атаҕар сүрдээҕин кыанар эбит. Аатырбыт Дмитрий Босиковтыын доҕордоһон Реас Алексеевич биллэр кылыыһыт буолбута. Саамай күнүн саҕана 42 миэтэрэ 80 см. Түспүт. Ол докумуона баар буолан Саха АССР спордун маастарын аатын иҥэрбиттэрэ. Реас өссө артыыс талааннааҕа. Бороҕоҥҥо олорон кулууп сценатыгар, дойдутугар спектаклларга кытыннаҕына эбэтэр Тымныы кыһын оҕонньор буоллаҕына, дьон-сэргэ улахан дуоһуйууну ылаллара.
1978 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Аҕатын, А.Е. Кулаковскай курдук, саха былыргы олоҕун-дьаһаҕын, тылын-өһүн, фольклорун умсугуйан туран үөрэтиитэ кини учуутал да, суруйааччы да буоларыгар үтүө сабыдыаллаах этэ. Реас Алексеевич аҕата самныбыт да, өрөгөйдөөх да күннэригэр кини аатын үрдүктүк тутара, бэйэтин кини дьыалатын салҕааччы, удьуорун-ууһун сайыннарааччы, тэнитээччи быыһынан өйдүүрэ. Реас Алексеевич олоҕун аргыһынаан Татьяна Паповналыын 58 сыл бииргэ олорбуттара. Кинилэр 8 оҕоломмуттара. Оҕолоро бары үрдүк үөрэхтээх, араас идэлээх ыал дьон. Реа алексеевич аҕатын төрдүн-ууһун кэҥэтэн, удьуорун ууһатан, үрдүк культуралаах, билиилээх бэйэтин ыччатын, сиэннэрин олох киэҥ аартыгар таһаарбыта. Саха улуу суруйааччытын, бөлүһүөгүн, өлбөт-сүппэт Өксөкүлээх Өлөксөй аатын ааттатар соҕотох уола Реас Алексеевич Кулаковскай олорбут олоҕо, айан хаалларбыт айымньылара саха норуотун киэн туттуутунан буола туруохтара »
Т.Д. Бочорукова, киин библиотека методиһа.
«Таатта-2019 : ытык-бэлиэ күннэр», с. 32-38.
Кинигэлэрэ:
Кистэлэҥ кэпсээним : [кэпсээннэр]. – Дьокуускай : Бичик, 2003. – 317 с. https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/52/khudozhestvennaya-literatura/271/kistele-kepseenim?tab=getmybooksTab&is_show_data=1 | |
Аҕам олоҕо : ахтыы сэһэн. – Дьокуускай : Бичик, 2006. – 335 с. : ил. https://ytybibl.ru/index.php/poisk-knig/115/view_bl/52/khudozhestvennaya-literatura/272/a-am-olo-o?tab=getmybooksTab&is_show_data=1 | |
Бойуот : үһүйээн, сэһэннэр, кэпсээннэр / бэчээккэ бэлэмнээтэ Т. Р. Кулаковская. – Дьокуускай : Бичик, 2014. – 445 с. : ил. |
Реас Алексеевич туһунан:
Өксөкүлээх уола / [хомуйан оҥордо А. Р. Кулаковскай ; ред. С. И. Тарасов]. – Дьокуускай : Бичик, 2003. – 208 с. |
|
Өксөкүлээх уола / [хомуйан оҥордо А. Р. Кулаковскай ; ред. С. И. Тарасов]. – Дьокуускай : Сайдам, 2009. – 304 с. |