1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
202 views

Васильев Семен Николаевич

Васильев Семен Николаевич

(1916-2004)

Аҕам сылгыһыттаабыта.

Биһиги эһэбит Николай Семенович колхоз сылгыһыта эбитэ үһү. Ити сэрии иннинэ буолуон сөп. Аҕабыт Семен Николаевич оҕо эрдэҕиттэн сылгыны аһата, бодьуустаһа, аҕатын кытта тэҥҥэ сылгы эҥэрдэнэн улааппыт. Онон акка сыһыаннаах эбит. Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан баран кавалерийскай чааска түбэспитэ. 9 ый устата Иркутскай таһыгар үөрэммит. Онтон Сталинграды көмүскүүр уоттаах сэриигэ кыттыбыта.

Сэрииттэн инбэлиит буолан кэлэн баран маҥнай түүлээх тутааччынан, онтон колхозка сылгыһытынан үлэлээбитэ. Элбэх оҕолоох буолан сылгыларын көрө-көрө туох үлэ көстөрүнэн үлэлиирэ. Миинэр маҥан аттаах буолара. 50-с, 60-с сылларга ат сүүрдүүтэ үгэс курдук Амманан Тааттанан ыһыахтарга өрө күүрүүлээхтик ыытыллара. Аҕабыт ол кэмнэргэ сылы быһа сүүрэр аттары сүүмэрдээн, көрөн-истэн, күрэхтэһиигэ анаан ат баайара. Баайбыт аттара куруук миэстэлэһэр, бастыыр да этилэр. Бырааппыт Еремей ыһыахтарга хаста да ат сүүрдүбүтэ.

Аҕабыт сылгыһыттаан бүтэн баран кырдьыар диэри аты сөбүлээн иитэрэ, миинэр аттаах этэ. Ол курдук, дьөһөгөй оҕотун кытта олоҕун ситимнээбитэ, биһиги оҕо эрдэхпитинэ үтүө суобастаахтык сылгыһыттаан ааспыта.

Улахан кыыһа Т.С.Парфенова.

Горнай, Мытаах, 2017 с.

Биһиги аҕабыт Васильев Семен Николаевич сэрии, тыыл, үлэ ветерана, Сталинград кыргыһыытын кыттыылааҕа, «Кыһыл Сулус», «Аҕа дойду Улуу сэриитэ» Ι степэнэ орденнар, «Германияны кыайыы» иһин уо.д.а. мэтээллэр кавалердара, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина. 1960-с сылларга Чычымах отделениетыгар сылгыһытынан үлэлээбитэ. Сэриигэ аан бастаан Монголияҕа тиийбитэ, онно кавалерийскай часка түбэһэн дьөһөгөй оҕотун кытта ыкса билсэр, кинини көрөргө-харайарга үөрэнэр. Сылгыһыттыырыгар ылбыт, билбит-көрбүт үөрүйэхтэрэ көмөлөспүтэ саарбаҕа суох. Аҕабыт Захаров Ананий диэн киһилиин бииргэ үлэлээбиттэрэ. Сылгы бүтэйэ Үстүүн бүтэйигэр уонна Мэйи-Баалыгар баара. Мин аҕабын кытта саас сылгы төрүүрүн саҕана сылгы бүтэйигэр тахсыһар этим. Саҥа төрөөбүт кулунчуктары көрөр-истэр этим. 1966 с. саас ат баайыытыгар аҕам миигин илдьэ Ытык-Күөлгэ барбыппыт. Онно Серов сайылыгар олорон ат сүүрүүтүгэр бэлэмнэммиппит. Оҕолор үһүө этибит. Кулаковскай Атос Павлович (Лөҥкө уола) уонна Кривошапкин Владимир Иванович. Кривошапкиннар оччолорго Победаҕа олорор этилэр. Сарсыарда эрдэ туран аттары хаамтарар этибит. Таатта алаастарынан уонна ат сүүрдэр сиргэ киирэн сүүрдэр этибит. Биһиги онно ат сүүрүүтүгэр кыайбыппыт. Барыта 4 команда баара. «Коммунизм» совхозтар кыайаммыт үөрүү-көтүү бөҕө буолбуппут. Аҕам алта сыл кэриҥэ үлэлээн баран атын үлэҕэ көспүтэ. Бэйэтэ дьиэтигэр аттаах этэ, онтукатын көрөрө-истэрэ. Аҕам туйаҕын хатаран бииргэ төрөөбүт кыра быраата Иванов Поликарп Поликарпович отделениеҕа сылгыһытынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Үлэтигэр наһаа кыһамньылаах, бэриниилээх этэ. Сарсыарда эрдэ туран сылгыларын аһатан кэлэн, хотонун, сүөһүлэрин көрөр-истэр этэ. Поликарп Поликарпович ат сүүрдүүтүнэн үрдүк таһаарыылаахтык дьарыктаммыта. Ат сүүрдүүтүн үрдүктүк тутара, элбэх ат сүүрдүүтүгэр кыттара, сылдьара. Элбэҕи оҥоруох, кыайыах-хотуох киһи эрдэ олохтон туораан хаалбыта киһини хомотор.

Ахтыыны оҥордо Мордовской Е.С., автомобильнай транспорт бочуоттаах үлэһитэ, РФ үлэ ветерана.