Софронов Григорий Егорович-Бөҕө Дьөһүөккэ (1890-1961) |
«Бөҕө Дьөһүөккэ олус аламаҕай майгылаах, куруук күлэ-үөрэ сылдьар сүрдээх Бэһиэлэй, үрдүк уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх, 100 кг лаппа тахса ыйааһыннаах, кырдьык да бөҕө-таҕа көрүҥнээх киһи этэ.
Сэрии сылларыгар Чычымах соҕуруу учаастагар сылгыһытынан, биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Кини күүһүн-күдэҕин билигин баар саастаах дьон истибит — көрбүт буолуохтаахтар, баҕар, алтыспыт да дьон бааллара буолуо. Кини 20-30 сс. оройуон, өрөспүүбүлүкэ ыһыахтарыгар хапсаҕайга тустан үгүстүк кыайыылааҕынан тахсара үһү. Саамай күүһүн үгэнигэр сылдьан Чычымах таҥара дьиэтин куолакалын тиэрэ тардан баран тылыттан тутан хаамар эбит. Бу куолакал ыйааһына 286 киилэ дииллэрэ. Оттон хаампакка эрэ, туран эрэ 25 бууту холкутук көтөҕүө этэ диэн оччотооҕу дьон кэпсэтэллэрин үгүстүк истэрим.
Бөҕө Дьөһүөккэ улуу Өлүөнэ өрүһү харбаан туораабытын туһунан кэпсээн күн бүгүнүгэр диэри уос номоҕор сылдьар»,- диэн ахтар П.Р. Софронов (“Таатта” хаһыат, 20.10. 2016) .