1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
280 views

Кысалгинов Григорий Лукич

Кысалгинов Григорий Лукич

(1933-1987)

Григорий Лукич 1933 сыл муус устар 1 күнүгэр Октябрьскай нэһилиэгэр төрөөбүтэ.  Чычымах  7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран Ытык Күөл оскуолатыгар үөрэммитэ.  1956 с. 10-с кылаас кэнниттэн колхозка үлэлээбитэ, комсомольскай тэрилтэ сэкэрэтээрэ этэ. Оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн спордунан дьарыктанара, теннистиирэ. Уус – уран самодеятельность көхтөөх кыттааччыта – солбуллубат конфераньсе,  ырыаһыт, үҥкүүһүт, сыаҥкаҕа оонньооччу, хомусчут бэрдэ . Тамада бастыҥа этэ – элбэх урууну  салайан ыытан үгүс саҥа ыал дьоллорун түстэспитэ.

1957 с. Лука Турнин ансамбылыгар кыттан Москваҕа бара сылдьыбыта. «1957 с. Саха сирэ Россияҕа холбоспута 325 сылыгар Аан дойдутааҕы ыччат фестивала буолбута. Онно бастаан нэһилиэктэргэ, онтон оройуон киинигэр, тиһэҕэр Якутскайга түмүктүүр концерга киирэн кыттыбыппыт.

Якутскайга киирэргэ нэһилиэк аайыттан ырыаһыттары, үҥкүүһүттэри, хомусчуттары уо.д.а. мунньан 100 киһилээх художественнай самодеятельность коллективын  Ытык –Күөлгэ ыйы быһа бэлэмнээтилэр. Л.Н. Турнин хомуска кыратык да оонньуур оҕолору мунньан ансаамбыл тэрийдэ, саха бастакы балета Иннокентий Христофоров хас да саҥа сахалыы үҥкүүлэри үөрэппитэ, урукку үҥкүүлэрбитин чочуйан биэрдэ. Лука Николаевич ансаамбылыгар 20-н тахса ыччат кыттыбыта. Хомусчуттар туспа расписаниенан бэлэмнэнэрбит. Гриша хомуска, үҥкүүлэргэ барытыгар кыттара.

Биһиги, таатталар, фестивальга бастакы миэстэни ыламмыт Саха сирин литературатын уонна искусствотын күннэригэр кыттыыны ыларга тиксибиппит. Москваҕа 28-сыа буолан барбыппыт. Москваҕа олус үчүгэйдик сылдьан, саха хомуһун тыаһын улуу нуучча норуотугар иһитиннэрэн киэн туттабыт », — диэн СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ Андреева М.С. ол кэрэ-бэлиэ күннэри ахтар.

1960 с. киномеханик курсун бүтэрэн хас да сыл  Тиксиигэ ананан үлэлээбитэ. 1964 с. Чычымахха кэлэн киномеханигынан кэргэннии Огонеровтары кытта үлэлээбитэ. Онон барыта 12 сыл киномеханиктаабыта.

Салгыы үөрэммит оскуолатыгар завхозтаабыта, сайынын сынньалаҥ лааҕырыгар үлэлиирэ. «Дьулуур» үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар наставниктыыр кэмнэригэр элбэх оҕону үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйбута.  1975 с. ыла «Коммунизм» совхозка  электригинэн, биригэдьииринэн үлэлээн үлэ удаарынньыга буолбута. Хас да төгүл нэһилиэк депутатынан талыллыбыта. Үтүө суобастаах үлэтин иһин уонна общественнай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттарын иһин элбэх бочуотунай грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта.

Оччотооҕу кэмҥэ коммунистическай субуотунньуктар олус өрө күүрүүлээхтик тэриллэллэрэ. “…Григорийдыын субботниктарга алтыһарбын наһаа сөбүлүүрүм. Санаан аастахха урукку хас да күннээх субботниктар олус да астык, өрө көтөҕүллүүлээх буолаллара. Дьэ бу түмсүүлээх түгэннэр Григорийбар өссө үөрүүлээх буолаллара, кини мас охторон бэлэмнээбит буолара уонна мустарбытын аҕай : “Дьэ уолаттар, тоҥ былчыҥнар уһуктар, түрдэҥнэһэ күүрэр кэмнэрэ тирээн кэллэ, уйаҥҥыт-хатаҥҥыт, эрбиигитин кыайа тутаргыт үлэҕит түмүгүттэн көстүө турдаҕа, ситтэрбэтэрбит ханнык, кытаатыҥ!” – диэн “дружба” эрбиитин бэрт чэпчэкитик санныгар таҕайаат, кыра бэйэтэ барыбытыттан улаатан, суола суох халыҥ хаары кэһэн бара турара. Күүстээх хамсаныылаах, сындалҕаннаах сынньалаҥа суох күрэстэһии кэнниттэн Григорийбыт төҥүргэһин үрдүгэр бэрт чэпчэкитик ыстанан тахсаат көрдөөх кэпсээниттэн кэпсээн киирэн барара. Бу сүүһүнэн маһы охторон кэлбит киһиэхэ мээнэ кыаллыбат түгэн, оннук кини сылайбытын биллэрбэт, буор-босхо үлэлээн тиритэ-хорута эрэйдэнэ сылдьарын ырыта барбат чахчы инники күөҥҥэ сылдьар ураты турунуулаах. Били сылайбыт истээччилэрбит аҕыйах этиини истээт үөрэн-көтөн төрүт атын дьон буола түһэллэрэ. Айан саҕаланнар эрэ ырыа тардыллара, инникигэ, үрдүккэ, үтүөҕэ ыҥырар суруктаах кыһыл плакаттар тэлээрэ түһэллэрэ, Григорий үрдүк тоннаах куолаһа силбэһэн, ньиргиэрдээх хор буолан барара.. ”, — диэн нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, «Бочуот» орден кавалера Михайлов Владимир Иннокентьевич  ахтыыта бу субуотунньуктарга Григорий Лукич бастыҥ үлэһит, дьону көҕүлээччи буоларын ырылхайдык туоһулуур.

«..Кэлин субан сүөһү биригэдьииринэн олохтон барыар диэри үлэлээбитэ. Онно да ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Бастакы «родильное отделение» диэни төрүүр ынахтарга аспыта. Дояркалыы сырыттахпына миигин «үлэлии киириэҥ дуо?» — диэн ыйыппыта. Мин ону эрэ кэтэспит курдук сөбүлэһэ охсубутум. Олус ыарахан үлэ этэ. Ол гынан үлэбит ситиһиилээх буолбута. Мин улууска чемпион төрөтөөччү диэн ааты ылбытым. Кини бастыҥ биригэдьиир буолбута. Ветеринарбыт Раиса Охотина диэн кыыс үлэлээбитэ. Кини эмиэ чемптон буолбута. Ол иһин Григорий Лукичка олус махтана саныыбын. Салайааччы быһыытынан наһаа көрдөбүллээх уонна ырааһы ирдиир этэ. Ол да иһин «родильнай отделениеҕа» үп-үрүҥ известканы туттара, олох балыыһа курдук этэ. Ол да иһин ньирэйдэр доруобайдык турдахтара..»- диэн нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Богдокумова Александра Александровна ахтыытыгар Григорий Лукиһы ирдэбиллээх, сатабыллаах салайааччы быһыытынан сырдатар.

«…Гриша тыл өртүгэр элбэх саппаастаах, кэпсээннээх, ырыаһыт, хомусчут бэрдэ этэ. Ону таһынан концертка конферансье, клоун, пьесаҕа, сценкаҕа олус табыллан оонньуура. Хас фестиваль, гастроль кинитэ суох буолбат этэ. Гриша Петр Власьевичтыын хас Саҥа дьыл аайы тапсан клоуннууллара. Кулууппутугар ардыгар (таҥара дьиэтэ) лыык курдук буолара. Томпо, Чурапчы уонна оройуоммут нэһилиэктэригэр сыллата гастроллаан кэлэрбит, «- диэн ахтан-санаан ааспыт СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ Акулина Прокопьевна Иванова.

Т.В. Филиппова, Г.Л. Кысалгинов, С.А. Налыяхова

И.П. Кулаковскай, Г.Л. Кысалгинов

В.Я. Аввакумов, Т.П. Варламова, Т.В. Ефимова, Г.Л. Кысалгинов, Г.Г. Варламов

Кыһыны атаарыы бырааһынньыгар

Дэгиттэр спортсмен, сыана ветерана Григорий Лукич Кысалгинов сырдык кэриэһигэр  1993 с. төрөөбүтэ 60 сылынан нэһилиэккэ  Хомус киэһэтэ, 2011 с. улуустааҕы уолаттар, эр дьоннор ортолоругар хомус күрэҕэ, остуол тенниһигэр күрэхтэһии тэриллибиттэрэ.

Кэргэнинээн Асия Михайловналыын 4 кыыс оҕоломмуттара, элбэх сиэннээхтэр, хос сиэннээхтэр. Асия Михайловна өр сылларга үтүө суобастаахтык детсадка  үлэлээн нэһилиэк элбэх кэнчээри ыччатын бүөбэйдээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа оҕолорун ортотугар дьоллоохтук олорор. 2011 сыллаахха дьүөгэтинээн Аввакумова Светослана Николаевналыын тапталлаах кэргэнин кэриэһин үйэтитэр сыаллаах “Киэн туттабыт, кэриэстиибит…” диэн бэртээхэй ахтыы кинигэтин хомуйан бэчээттэппиттэрэ. Григорий Лукич дьоһун олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салҕыыллар, аатын ааттаталлар.

***

Киэн туттабыт, кэриэстиибит / [хомуйан оҥордулар : А.М. Кысалгинова, С.Н. Аввакумова; редактор М.Г. Иванова (Кысалгинова)]. – Чычымах : [и.с.], 2011. – 100 с.

https://www.calameo.com/read/0064647537c2afd5e644e

Кулачикова, А. Киэн туттабыт, кэриэстиибит // Таатта. – 2007. – Сэтинньи 27 к.

Хаартыскалары А.Н. Канаева тэрийбит «Хомус» музейын, библиотека фондатыттан туһанныбыт