САССР культуратын үтүѳлээх үлэhитэ, Үлэ Кыhыл Знамята орден кавалера, улуу хомусчут, мелодист, ырыаhыт, режиссер, артыыс, алгысчыт, үҥкүүhүт, Хотугу норуоттар культураларын тарҕатааччы Лука Николаевич Турнин тѳрѳѳбүтэ 105 сыла буолла.
Л. Н. Турнин 1917 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр Тааттаҕа Тыараhа нэhилиэгэр тѳрѳѳбүтэ. Кинини хомустуурга Биэрэ уонна Настааччыйа диэн эдьиийдэрэ үѳрэппиттэр. 19 саастаах дьоҕурдаах уолу таба кѳрѳннѳр Дьокуускайга Наркомпрос иhинэн үлэлиир уус-уран самодеятельность салайааччыларын бэлэмниир кууруска үѳрэттэрэ ыыппыттар. 1937 сыллаахха үѳрэҕин бүтэрэн Чурапчы кулуубугар үлэлии тиийэр. Эhиилигэр хор салайааччытын идэтигэр эмиэ кууруска үѳрэнэр. Ол үѳрэҕин бүтэрээтин кытта култуура министиэристибэтэ эдэр киhини тѳрѳѳбүт дойдутугар, Тааттаҕа, уус-уран самодеятельность салайааччытынан ыыппыта.
Лука Турнин ѳрѳспүүбүлүкэҕэ бастакынан хомус ансаамбылын Тааттатыгар тэрийбитэ. Аан маҥнай 1948 сыллаахха Москва куоракка ѳрѳспүүбүлүкэ 10 киhилээх дэлэгээссийэтигэр киирэн, Бүтүн Россиятааҕы тыа сирин уус-уран самодеятельноhын бастакы кѳрүү түмүктүүр кэнсиэригэр, онтон 1954 сыллаахха Бүтүн Россиятааҕы тыа сирин уус-уран самодеятельноhын иккис кѳрүүгэ эмиэ чаҕылхайдык оонньообута. 1957 сыллаахха Саха сирин литературатын уонна искусствотын күннэригэр Л.Н.Турнин тэрийбит 28 киhилээх Таатта хомусчуттарын ансаамбыла ситиhиилээхтик кыттыбыта.
Манна биhиги биир дойдулаахпыт Григорий Лукич Кысалгинов эмиэ баран кыттыыны ылбытын киэн тутта ахтабыт.
Бу кыайыы түмүгэр Л.Н. Турнин ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 1958 сыл тохсунньу ый 15 күнүнээҕи Ыйааҕынан Үлэ Кыhыл Знамятын орденынан наҕараадаламмыта.
1960 с. Москваҕа хотугу норуоттар национальнай искусстволарын кѳрдѳрѳр «Хотугу сардаҥа» театрализованнай кэнсиэркэ, онтон 1962 с. эмиэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр П.Ойуунускай аатынан Таатта норуодунай тыйаатыра «Лоокуут уонна Ньургуhун» пьсесаны туруоруутугар үрдүк таhымнаахтык кыттыбыта. РСФСР композитордарын ыҥырыытынан 1967 с. Сибиир уонна Уhук Илин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кэнсиэригэр хомуска оонньообута.
Аан дойдутааҕы варганнай музыка киинин Бочуотун кинигэтигэр киирбит хомус пропагадиhа, энтузиаст, хомусчут-импровизатор, «Күбэй» хомусчуттар ансаамбылларын салайааччыта Анна Николаевна Канаева – Дьүрүскээнэ Лука Николаевич Турнины аан бастаан 10-ҕар Чычымахха кэлбитигэр кѳрбүт. Ол кэмтэн ыла хомус абылаҥар ылларан, кэлин Лука Турнин салайар ансаамбылыгар дьарыктаммыт. Саха сиригэр ыытыллыбыт I Бүтүн Союзтааҕы фестивальга кыттан Таатта аатын кѳмүскэhэн, кыайыы кынаттанан кэлбиттэрин «Турнин туhунан» ахтыылардаах брошюратыгар ахтыбыт. «Способ игры на хомусе «Дугуйан тардыы» диэн «Турнин Лука Николаевич-великий хомусист, подвижник национальной культуры» кинигэҕэ киирбит ыстатыйатыгар Анна Николаевна: « Мой маленький хомус открыл мне окно в большой мир. В составе республиканских молодежных ансамблей «Сардана» и «Дьиэ-буо» я выступала на хомусе в Воронеже, Одессе, Красноярске, Иркутске, Москве, Молдавии, Болгарии, Румынии, стала лауреатом всесоюзных и международных конкурсов и фестивалей. И путеводной звездочкой во время этих выступлений всегда была игра Луки Турнина с подпевкой песни «Оhуохайга оҕо дьоннор..» из моего далекого детства», -диэн ахтар.
Анна Николаевна С.Р. Кулачиков – Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатыгар, «Туйаара» уhуйааҥҥа фольклорист- иитээччинэн үлэлээбитэ. «Хомус» музейын тэрийэн үлэлэппитэ. Детсад, оскуола оҕолоругар«Күбэй күѳрэгэйдэрэ», «Чээник-чээник», «Хомус», детсад үлэhиттэригэр «Күбэй» ансаамбыллары тэрийэн үлэлэппитэ. Хомус туhунан элбэх ыстатыйалары, хоhооннору суруйар . Лука Николаевич Турнины үйэтитиигэ элбэхтик үлэлэhэр. 2002 сыллаахха «Турнин туhунан дьоҕус брошюраны бэчээттэппитэ. «Турнин Лука Николаевич-великий хомусист, подвижник национальной культуры» кинигэ автордарыттан биирдэстэрэ. Лука Турниҥҥа анабыл хоhоонун билиhиннэрэбит.
Ол мин Турнины кѳрбүтүм
(ахтыы хоhоон)
Аймаhыйар айыыhыт тыаспын
Аан маҥнай истибиппин ѳйдѳѳн,
Ааспыт оҕо сааhым түгэнин
Арай дьэ эргиччи саныыбын.
Арыт санаам сайыhыннаран
Арахпакка умнуллубатыан…
Аҕамсыйбыт санньыарбын ыhан
Аҥардастыы дьүрүhүйдэҕиэн..
Ол мин Турнины кѳрбүтүм
Оччугуй ымыытын туотарын,
Оргууйдук хоhуйа дьиэрэтэн
Олустук уйдаран оонньуурун…
Ол этэ хомус диэни сѳҕѳн,
Оҕотук уйан куттуун дайсан
Ойо кѳдьүйэр дорҕооннордуун
Ой дуораана буолан кѳтүhүүм.
Ол этэ уйуhутар тыастыын
Олох дьэҥкир ыраастык тыыныым,
Омун оhуохай кѳтүүтүгэр
Оҕо киhи сѳҕѳн кыттыhыым.
Оо, билигин ол уйусхаммын
Омнуолуохтара да буоллар мин
Орооhор сыыйыы сылыкпын
Ордоробун туохтан барыттан !
Одуулуур ол кэмтэн эллэнэн
Оҕолордуун тэҥҥэ оонньуубун
Оннооҕор эбээ дьоннуун үѳрэн
Оо, дьүѳгэлэрдиин дьүhүйдэҕиэм !
Ол мин Турнины кѳрбүппүн
Олох умнубатым туоhута
Ол кэмтэн уолары билбэтэх
Ойбонноох хомуhум дириҥэ !
Импровизатор-хомусчут, «Күбэй» ансаамбыл хомусчута, ветеран-педагог Августина Петровна Кулачикова 12-13 саастааҕар аан бастаан Лука Николаевич Турнины Чычымахха оччолорго кулууп буолан турбут таҥара дьиэтигэр кѳрбүт уонна ол түгэни умнубакка ѳйдүү сылдьар эбит. Хомуhун тыаhа уратытын, уратытык тардарын сонурҕаан кѳрѳн хомуска оонньуох баҕата күүhүрбүт. Кэлин ийэтиттэн үѳрэнэн хомуhу тардарга үѳрэммит. Лука Турнин ырыатын эмиэ онно истибит уонна олус умсугуйа истибит. Улуу хомусчуту кѳрѳн ааспытын астына ахтар. Августина Петровна оҕолоругар, сиэннэригэр анаан кини туhунан хоhоон суруйбут.
Эhээ Турнин хомуhа
Турнин эhээбит
Дьикти тыастаах
Дьурулас хомуhун
Кэрэхсии иhиттим.
Лука эhээбит
Хомуhун тыаhа
Санатта биhиэхэ
Сырылас сайыны.
Кэрэ ырыалаах
Күѳрэгэй кѳтѳр,
Хомустуун хоhуйсан
Дьирилиир, дьурулуур.
Күндү эhээбит
Хомуска туойбут
Дьиэрэйэр ырыатын
Кэнчээри дьон ѳйдѳѳҥ.
Эhигини уhуйдун
Эриэккэстик оонньоттун
Эhээ Турнин хомуhа !