Михайлов Владимир Иннокентьевич |
1946 сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр Охотскай Перевозка төрөөбүтэ.
Педагогическай үлэтин 1968 с. Чычымах оскуолатыгар физкультура учууталынан саҕалаабыта. Уопсайа 43 сыл Чычымах оскуолатыгар учууталынан үлэлээбитэ. 1971 с. нэһилиэккэ бастакы сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ оҕо звенотун тэрийбитэ. 1968-1973 сс. физкультура учууталынан үлэлиир кэмнэригэр спортзал материальнай базатын сайыннарыыга үлэлэспитэ. Гимнастическай снарядтар комплектарын оҥорон оройуоннааҕы көрүү конкурска бастакы миэстэни ылбыта. 1978 с. Дьокуускайдааҕы 1 педучилищены бүтэрэн 1975-1985 сс. начальнай кылаастарга учууталлаабыта. Араас техническэй электрооборудованелары оҥорон үлэҕэ киллэрбитэ. Онтон СГУну бүтэрэн баран үлэ учууталынан үлэлээбитэ. 1984 с. кини көҕүлээһининэн учебнай мастерской үлэҕэ киирбитэ. Мастерскойун республикаҕа бастыҥнар ахсааннарыгар киллэрбитэ. 1978 с. оскуолаҕа Албан аат музейын тэрийэн үлэлэппитэ.
1995-2001 сылларга физкультура предметин сэргэ тыа оскуолаларыгар «Чэбдигирдэр физкультура» программатын оҥорон боруобалаабыта. Үөрэх министрин солбуйааччыта солбуйааччыта П.Н. Соловьев 01-06 I 24 нүөмэрдээх дьаһалынан “I –XI кылаастарга эмтиир-чэбдигирдэр физкультура программата” диэн теманан үлэлээбитэ. Үлэтин быыһыгар физкультурнай зал оҥостон 1996-97 үөрэх дьылыгар толору хааччыллыылаах буоларын ситиспитэ, оздоровительнай физкультура концепциятын, программатын үөрэх министерствотыгар киирэн көмүскээбитэ, олоххо наадалааҕын дакаастаабыта.
Владимир Иннокентьевич бастыҥ общественник. Тустаах үлэтин таһынан нэһилиэк сайдыытыгар элбэҕи оҥорбута. Историческай миэстэлэргэ пааматынньыктары оҥорууга элбэх үлэни ыыппыта. Эргэ таҥара дьиэтин реконструкциялааһыҥҥа үлэлэспитэ. Манна музей –комплекс оҥоһуллан Владимир Иннокентьевич хас да сыл директорынан үлэлээбитэ. 2011 с. Маҥнайгы оскуоланы көһөрөн аҕалан туттарбыта, А.Е. Кулаковскай -Өксөкүлээх Өлөксөй балаҕанын макетын оҥорбута. Гражданскай сэрии сиэртибэлэригэр, ревкомовец А. Поповка аналлаах пааматынньыктары, оҥорсубута, бэлиэлэри туруорбута. Кыайыы 60 сылыгар Кыайыы болуоссатын реставрациялааһыны тэрийбитэ, часовня туппуттара СӨ Гранын ылбыта. Сынньалаҥ паркатын тупсаран оҥорууга элбэхтик үлэлэспитэ. Икки төгүл оройуон сэбиэтигэр норуодунай депутатынан талыллан үлэлээбитэ. 2013 сылтан “Доруобуйа паркатын” арыйан үлэлэппитэ. Ол курдук оҕолорго хаҥкылыыр площадканы оҥорон күһүн, саас өргө диэри үлэлэтэрэ. Саҥа Дьылга катокка харыйаны туруорары тэрийэрэ.
Нэһилиэгэр анал курс аһан үлэлэтэн “А”, “В”, “С” категориялаах сүүсчэкэ суоппардары уонна трактористары бэлэмнээн таһаарбыта
Кэргэнинээн Антонина Степановналыын бэйэлэрин 4 оҕолорун таһынан 8 тулаайах хаалбыт аймахтарын оҕолорун ииппиттэрэ
Владимир Иннокентьевич баянист бэрдэ. Элбэх улуустааҕы, республикатааҕы көрүүлэр, фестиваллар лауреаттара. Учууталлар Бүтүн Сойуустааҕы III съезтэрин делегата. Сыралаах үлэтэ сыаналанан 1982 с. РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, 1985 с. ССРС норуотун үөрэхтээһинин туйгуна, 1997 с. Старшай учуутал, 2000 с. “Бочуот знага” орден, 2005- с. маастар-педагог, 2006 с. “СӨ үтүөлээх учуутала”, 2006 с. “Үйэ мецената”, 2007 с. Амма нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, 2011 с. – Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо буолбута, 2012 с. “СӨ норуотун уус-уран айымньыта сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Музей дьыалата сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэлэри ылбыта.