1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
9 views

Охотин Степан Николаевич

Охотин

Степан Николаевич

(1926-1991)

1926 сыллаахха муус устар 15 күнүгэр Таатта оройуонун Октябрьскай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1934 с. Чөркөөх оскуолатын маҥнайгы кылааһыгар үөрэнэ киирбитэ. 1941 с. сэттис кылааһы бүтэрбитэ. Ийэлээх аҕата өлөннөр 1942 с. Чычымахха эдьиийигэр Пелагея Босиковаҕа иитиллэ киирбитэ. «Чычымах» колхозка, кэлин бөдөҥсүйбүт «Коммунизм» колхозка илии үлэлэригэр сылдьыбыта. 16 сааһыттан Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар 11 сыл устата үлэлээбитэ.

1955 с. Ытык Күөлгэ ДОСААФ сүнньүнэн 6 ыйдаах суоппардар курстарыгар үөрэммитэ. Нөҥүө сылыгар куоракка киирэн үөрэҕин туттаран суоппар праватын ылан тахсыбыта. Онтон ыла 27 сыл устата холкуос, сопхуос суоппарынан үлэлээбитэ. 9-с, 10-с пятилеткалар ударниктара. Оройуоҥҥа шофердар икки ардыларыгар социалистическай куоталаһыыга 5 төгүл кыайыылааҕынан тахсан «Оройуон чемпион суоппара» ааты ылбыта. 1972 сыллаахха социалистическай куоталаһыыга кыайан «Өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөн суоппара» диэн бочуоттаах ааты ылбыта. Элбэх эдэр дьоҥҥо наставниктаан суоппар бэрдэ буолан тахсалларыгар көмөлөспүтэ. Оройуоннааҕы сэбиэт дьокутаатынан икки төгүл, нэһилиэк сэбиэтин дьокутаатынан хас да төгүл быыбарданан үлэлээбитэ.

«Бочуот знага», «Үлэ Албан аатын» 3-с степеннээх уордьаннар  кавадердара, «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылларын, «Килбиэннээх үлэтин иһин», «В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сыла», НХБСБ боруонса мэтээллэринэн, 4 төгүл «Социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа» бэлиэлэринэн, РСФСР уонна Саха АССР Верховнай Советтарын президиумнарын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта. Республика уонна оройуон Бочуотун кинигэлэригэр, сопхуос «Үлэ албан аатын» уонна «Бочуот кинигэтигэр» киллэриллибитэ.

Кэргэнэ Елизавета Павловна Канаева– совхоз биир төһүү үлэһитэ, бастыҥ ньирэй көрөөччү этэ. Кинилэр 11 оҕону төрөтөн, улаатыннаран, тус холобурдарынан иитэн  үлэһит үтүөтэ, дьоһун дьон оҥортообуттара.