Софронов Роман Иванович (1936-2021) |
1936 с. сэтинньи 7 күнүгэр Аллараа Амма нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕалара армияҕа ыҥырыллан сэриигэ барбыта. Сэрии сылларыгар ийэлэрэ Александра Никитична , сэттэ бииргэ төрөөбүттэн үс кыра балтылара олохтон туораабыттара. Роман 4 кылааһы бүтэрээт убайын, эдьиийин курдук холкуос үлэһитэ буолбута. 12 саастаах оҕо Охотскай Перевозтан 36 км тэйиччи сытар Хомустаахха уонна Дьабарахы Хайаҕа үс сыл устата икки атынан почта тиэрдээччинэн үлэлээбитэ.
1952 с. “Кыһыл Алдан” холкуос “Чычымах” холкуоска холбоспутун кэннэ биир кыһын “Дагдаайы” ферматыгар от тиэйээччинэн, сүөһү аһатааччынан, сайынын ат көлөнөн от оҕустарыытыгар үлэлээбитэ. 1953 с. Ытык Күөлгэ МТЗ баҕатыгар тэриллибит 6 ыйдаах курска үөрэнэннэр Новгородов Василий Николаевичтыын холкуостарыгар бастакы трактористарынан үлэлии кэлбиттэрэ. “НАТИ” тракторга үлэтин саҕалаабыта. Саҥардыы үлэлээн иһэн Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан үс сыл Красноярскай кыраайга сулууспалаабыта.
Армияттан кэлээт 15 сыл тохтоло суох трактористаабыта. “МТЗ”, “ДТ-75”, “С100” маркалаах трактордары дэгиттэр баһылаабыта. 1970 с. сүөһү аһылыгын бэлэмниир механизированнай звено салайааччытынан анаабыттара. Федот Андросов, Василий Новгородов, Роман Беркин, Василий Богдокумов, Николай Большаков, Данил Афанасьев, Роман Михайлов курдук совхоз бастыҥ үлэһиттэрэ, механизатордара сүүмэрдэнэн үлэлээбиттэрэ. Кураан дьылга ходуһаларын бэйэлэрин күүстэринэн ньүөлсүтэн, уоҕурдуу киллэрэн ылан үчүгэй көрдөрүүлэммиттэрэ. Звенолара республикаҕа ыытыллыбыт социалистическай куоталаһыыга бастакы зонаҕа 1-кы миэстэни ылан, партия обкомун, Саха АССР Министирдэрин Сэбиэтин, ПССУоС Президиумун Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, 600 солк. бириэмийэлэммитэ уонна легковой массыына фондатынан бэлиэтэнэр чиэскэ тиксибитэ.
1975 сылтан 1992 сылга дылы Чычымах отделениетыгар хонуу, субан сүөһү иитиитин , тутуунан дьарыктанар биригээдэ биригэдьиирдэринэн уонна управляющайынан үлэлээбитэ. Кэлин пенсияҕа тахсан олордоҕуна агрофирма дирекцията Чычымах отделениетыгар управлющайдыы тахсарыгар көрдөспүтүн ылынан, 1999 сылтан эмиэ тэрийэр, салайар үлэҕэ төннүбүтэ. Роман Иванович бары кыһамньытын, күүһүн-уоҕун ууран төрөөбүт дойдута сайдарын туһугар 75 сааһыгар дылы үлэлээбитэ.
Өр сыллаах таһаарыылаах үлэтин иһин 1973 с. “Үлэ Кыһыл Знамята” орденынан наҕараадаламмыта, Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун, Амма нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо буолбута.