1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
185 views

Петров Павел Гаврильевич «Өрүү үчүгэйинэн өйдүүбүн»

Павел Гаврильевич Петров –

эдэр сааһыгар комсомольскай үлэҕэ, колхозка салалтаҕа үлэлээбитэ. Саха сиригэр Гражданскай уонна Аҕа дойдуну көмүскүүр (1941-1945 сс.) сэрии кыттыылааҕа.

Саха норуотун биир чулуу уолун Платон Алексеевич Ойуунускайы эдэр оҕо сааспар көрөн аһарбыппын өрүү умнубаппын, истиҥник саныыбын. Олортон биир эмэ түгэни ахтыаҕы баҕарыллар.

1922 сыл. Бу кэм кыһарҕаннаах, дүбдүргэннээх күн-дьыл этэ. Саха сиригэр үрүҥ-кыһыл былааһы былдьаһар «дирбиэн-дарбаан» күннэрэ тирээбитэ. Биһиги аҕабыт, атын да дьон Советскай былааһы көмүскүүр кыһылларга кыттыһан барбыттара. Бандьыыттар кыһыл партизаннары, ревкомнары эрэ буолбакка, кинилэр кэргэттэрин, аймахтарын эмиэ сойуолууллара, өлөрөллөрө-өһөрөллөрө. Ол иһин Константин Сокольников биһигини куоракка киллэрэргэ дьаһайбыта.

Дьокуускайга тиийбиппит, улахан уулуссаҕа (Октябрьскайга, билигин Ленин проспега) биир дойдулаахпыт Петр Васильевич Афанасьев тоһуйан, кэтэһэн олороро. Биһигини, чурапчылары көрсүһэн суол-суол сирдэргэ түһэрбитэ. Бааһырбыттары балыыһаҕа илтэрбитэ, эр дьону Дьэбириэскэй атыыһыт олбуоругар атаарбыта, кэргэннээхтэри, оҕолору, дьахталлары Баал атыыһыт дьиэтигэр бэйэтэ сирдээбитэ, Ойуунускайдаахха аймахтара барбыттара.

…Хас да хонон баран Ойуунускайдаахха убайым Гурийдыын, дьахталлардыын бардыбыт. Күнүскү чэйдэригэр элбэх буолан аһыы олороллоро. Платон Алексеевич уонна кэргэнэ Сүөкүлэ, дьоммут кэллилэр диэбитинэн ойон турдулар, дьахталлар сыллаһыы-уураһыы буоллулар. Платон барыбытын ааҕа туоһуласта:

— Кыра оҕолоргутун ханна хааллардыгыт? Ону дьахталлар быһааран биэрдилэр. Ити кэнниттэн остуолга ыҥырдылар. Саахардаах чэйи испиппин, арыыта суох дьаарысса килиэп сиэбиппин өйдүүбүн. Платон Алексеевич тыаҕа олох-дьаһах хайдаҕын ыйыталаһан баран, билсээт, сып-сап таҥнан, үлэтигэр барбыта.

1927 сыл эбитэ дуу, комсомол актыыбын мунньаҕар кыттыыны ылбытым. Мунньах ЯЦИК (Якутскайга Киин Ситэриилээх Комитет) дьиэтин аллараа этээһигэр буолбута. Онно Николай Николаевич Окоемов, Иван Иванович Винокуров киэҥ ис хоһоонноох дакылааттарын истибиппит.

1930 сыллаахха хонуу биригэдьиирдэрин үс ыйдаах курсугар Сиэллээхтэн Сивцев Прокопий Ефремовичтыын баһаар таһыгар үөрэммиппит. Эмиэ бу сыл дуу, 1931 сыл дуу комсомольскай тэрилтэ секретардарын курсугар киирэ сылдьыбытым. Курска оччотооҕу Саха сирин эппиэттээх үлэһиттэрэ кэлэннэр, лекция-дакылаат оҥороллоро. П.А. Ойуунускай икки төгүл лекция аахпыта. .. Комсомол курсугар Сиэллээхтэн Яков Захаров, Тыараһаттан Яков Мордовской, Уолбаттан Винокуров сылдьыспыттарын өйдүүбүн.

1937 сыллаахха П.А. Ойуунускайы ССРС Верховнай Советыгар депутакка кандидатынан туруорбуттара. Бу сыл бүтэһигэр, кыһын депутакка кандидат П.А. Ойуунускайы Ытык Күөлгэ көрсүһүүгэ ыҥырыллан баран, кэргэним оҕолонон, табыллыбат буолан тахсыбакка хаалбытым.

П.А. Ойуунускай лоп-бааччы өйдөнүмтүө тыллаах, ардыгар көрүдьүөстээх, борустуой киһи этэ. Таҥаһа –саба ырааһа, чаһыылаах буолара, түөһүгэр депутат бэлиэтэ значоктааҕа. Мин ийэм Өкүлүүнэ Алексей Нестерович Сокольников I-й, оттон Былатыан кэргэнэ Сүөкүлэ Алексей Нестерович Сокольников  II-с, быһата, ини-бии кыргыттара, эдьиийдии-балыстыы этилэрэ. Итинэн сибээстээн Платон Алексеевич биһигини аймаҕыргыыр, көрүстэҕинэ үөрэ-көтө кэпсэтэр буолара. Мин куоракка хас киирдэҕим аайы мэлдьи кинилэргэ сылдьарым.

Ити курдук үтүө киһи өйбөр хатанан хаалбыт.

                                                 П.Г. Петров кэпсээниттэн 1983 с. ахтыыны Андросов П.Х. суруйбута.

                                             Андросов П.Х. Ойуунускай туһунан ахтыылар. С.25-27.