Иван Васильевич Попов (07.05.1874 — 07.10.1945)
|
Саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээччи Иван Васильевич Попов Боотурускай улуус Күнээйи (Чөркөөх) нэhилиэгэр аҕабыыт дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ийэтинэн эһэтэ, протоиерей Димитриан Дмитриевич Попов уол айылҕаттан талаанын таба көрөн көҕүлээбит, уһуйбут үтүөлээх. Иван Васильевич 1884-1889 сс. Дьокуускайдааҕы духовнай училищеҕа, онтон духовнай семинарияђа үөрэммитэ.
Иван Васильевич худуоһунньук үөрэҕэр 1903-1905 сс. Санкт-Петербург куоракка уус-уран айымньыны көҕүлүүр императорскай общество оскуолатыгар, онтон 1912-1913 сс. профессор А.В.Маковскай «Школа рисования и живописи» чааһынай мастарыскыайын студиятыгар үөрэммитэ. Онно үөрэнэ сылдьан арҕааҥы худуоһунньуктар элбэх ахсааннаах улуу айымньыларын үтүгүннэрэн сөхтөрөрө. Кини баай ис хоһоонноох, кэрэхсэбиллээх нэһилиэстибэни хаалларбыт сүҥкэн өҥөлөөх. “Ньирэй”, ”Ойуун”, “Дьокуускай куорат XVII-с үйэҕэ”, “Олоҥхоһут Табаахырап”, ”Ытык-Күөл таҥаратын дьиэтэ”, онтон да атын айымньыларын ким баҕарар кэрэхсээн көрөр.
«И.В. Попов бэйэтин автобиографиятыгар дьон билиниитин ылбыт бастакы үлэтинэн «Мин Чычымахха эһэни көрсүүм» диэн маслянай кыраасканан толорбут хартыынатын аађар эбит. Онон кини живопиһынан утумнаахтык дьарыктаныыта ити үлэтиттэн сађаламмыта диэн этэр олохтоох буолуон сөп». (Д.Кустуров «Саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээччи».»Таатта» хаһыат 18.06.1994 с.)
«Саха сирин бастакы народнай художнига Иван Васильевич Попов Ɵктөм таҥаратын дьиэтигэр үлэлии сылдьан икки төгүл көрдөһүү суруйан 1917с. дьонугар чугас буолаары Чычымах таҥаратын дьиэтигэр ананар.» (Ефросиния Ноговицына. «Yһүйээннэр суолларынан, эбэтэр Поповтар тустарынан…»- «Таатта» хаһыат 11.02.2011с.) Ытык-Күөлгэ архыыпка 1919с. Чычымах Николаевскай таҥара дьиэтин миэтирикэ кинигэтигэр «псаломщик И.В. Попов» диэн илии баттааһыннаах бэлиэтээһиннэр бааллар. Онон 1917-1919 сс. Чычымахха үлэлээбит буолуон сөп.
Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон Иван Васильевич Попов 120 сааhын туолар үбүлүөйүгэр анаан альбом-кинигэ хомуйан таhаарбыта. («Народный художник Иван Васильевич Попов (к 120-летию со дня рождения): Фотоальбом. -Якутск: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1995.-104 с.) Бу кинигэђэ кини «Чычымахская часовня» диэн хартыыната баар. Национальнай художественнай музей фондатыгар ити хартыынаны “Часовня» диэн аатынан көрдөөн булан көрүөххүтүн сөп (1927с. холст, картон, масло. 22,6х27. НХМ-67, Ж-67).
Иван Васильевич уһулуччулаах худуоһунньук эрэ буолбакка, учуутал, чинчийээччи, норуот духовнай культуратын тарҕатааччы быһыытынан эмиэ сыаналанар. Чөркөөххө, Ытык Күөлгэ, Уолбаҕа учууталлаабыта.
Дьокуускай уобалаһын музейыгар үгүс этнографическай матырыйааллары, бэйэтин хартыыналарын бэлэхтээбитэ. Петербурдааҕы Нуучча музейын этнографическай салаатын, Гамбург куоракка Е.Н. Александер чааһынай фирматын сорудахтарынан биирдиилээн дьонтон, археологическай хаһыыларга сылдьан хомуйбут тыһыынчанан ахсааннаах саха былыргы малын-салын ыыталаабыта. И.В. Попов биир кэрэхсэбиллээх нэһилиэстибэтинэн фотограф быһыытынан хаалларбыт хаартыскалара буолаллар. Бу хаартыскалар уус-уран айымньы буолалларын таһынан, историяҕа, этнографияҕа улахан суолталаахтар.
Иван Васильевич 1919 сылтан саҕалаан сүүрбэччэ сыл учууталлаабыта. Нэһилиэк Сэбиэтин председателинэн талылла сылдьыбыта. 1926с. И.П. Сойконер экспедициятыгар тылбаасчытынан сылдьан Таатта улууһун кэрийбитэ уонна этнографическай былааннары уруһуйдаан, баай матырыйааллары хомуйарга көмөлөспүтэ. Маны таһынан Сибиири чинчийии салаатын үлэһитинэн анаммыта. Дүпсүҥҥэ П.А. Афанасьев зоологическай музейыгар үлэлээбитэ. “Саха кэскилэ ” научнай-чинчийэр общество чилиэнэ.
И.В. Попов — ССРС худуоһунньуктарын Союһун чилиэнэ. 1945с. Саха АССР народнай худуоһунньугун бочуоттаах аатын ылбыта.
Иван Васильевич ођолоро Фомаида, Николай, Елена, Святослав, Иван, Капитолина бары кэргэннэнэн, оҕолордоохтор, сиэннэрдээхтэр. Капитолина Ивановна — герой ийэ, кэргэнэ- Афанасьев Никтополеон Петрович Ленин орденнаах Саха АССР үтүөлээх учуутала, Чычымахтан төрүттээх Афанасьев Петр Васильевич төрөппүт уола. Онтон Елена Ивановна олођун аргыһа эмиэ Чычымах киһитэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаађа, улууска статистика инспекторынан үлэлээбит Петров Гаврил Егорович.
Иван Васильевич туйах хатарааччылара худуоһунньуктар: кыра уола Иван Иванович- Саха АССР искусствотын үтүөлээх деятелэ, косторез, скульптор, живописец, кинигэ иллюстратора, кыыһын Елена Ивановна уола Гавриил Гаврильевич Петров — Саха Республикатын народнай худуоhунньуга, Россия худуоhунньуктарын союhун чилиэнэ. Иван Иванович уолаттара Иван Иванович, Гаврил Иванович, Василий Иванович бэйэлэрэ эмиэ туһунан суоллаах-иистээх айар эйгэлээх Саха сиригэр биллэр дьон буолаллар. Капитолина Ивановна сиэнэ Эдуард Тарабукин -хомус ууhа, Саха Республикатын норуотун маастара.
«Кэрэни көрбүт» уус-уран киинэҕэ (режиссер Любовь Борисова) Иван Васильевич Попов олођо, айар үлэтэ сырдатыллан 2022с. киэҥ эйгэђэ тахсыбытыттан саха дьоно бары үөрэбит, киэн туттабыт.
Табунанова М.П., кыраайы үөрэтээччи