1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
402 views

Саҥа кинигэлэр

Библиотекабыт фондатыгар саҥа кэлбит кинигэлэр

«Лекарственные растения Якутии» кинигэҕэ 190 Саха сиригэр үүнэр үүнээйилэр ханнык ыарыыларга туһаныллаллара, хаһан, хайдах хомуйуллалара, эмп оҥоруу, дьиэ таһыгар үүннэрии туһунан сиһилии суруллубут.

«Они основали Республику» 2 чаастаах кинигэ  «Якутская Автономная Республика:действующие лица 1917-1922″диэн 1 чааһыгар,   «Ретроспектива истории республики: по страницам журнала «Илин» диэн 2-с чааһыгар республикабыт историятын кэпсиир докумуоннар, ыстатыйалар киллэриллибиттэр.
«Словарь топонимов Республики Саха (Якутия): населенные пункты» диэн  Саха сирин бары нэһилиэнньэлээх пууннарын ааттарын быһаарыыта киирбит кинигэлэригэр  Чычымах диэн тыл туохтан тахсыбытын  сабаҕалааһын эмиэ баар.

Иринцеева Е.С. – Огдо «Эдьиий. Айыы сүдү удаҕана» кинигэтигэр Эдьиий Дора саха саргытын туһунан санааларын, самныбат туһугар бар дьонугар сүбэлэрин билсэбит.

«Красная книга Республики Саха (Якутия)» кинигэ 2 томугар сэдэх уонна сүтэр кутталга киирбит хамсыыр-харамайдар тустарынан кэпсэнэр.

Данил Макеев «Кыргыс толоонугар көрсүһүү» кэпсээннэр, тылбаастар кинигэлэригэр сэрии ыар сылларыгар саха норуота бэйэ бодотун сүтэрбэккэ биир сомоҕо күүһүнэн хоргуйууну, бары ыарахаттары ааһан Кыайыыны уһансыбытын туһунан кэпсээннэри, араас омук суруйааччыларын кэпсээннэрин тылбааһын ааҕыаххыт.

В сборнике рассказов Сиванкова Михаила “К слову о чести” рассказывается о социальных проблемах современного общества. Герои рассказов, которым присущи чувство справедливости, чести, мужской ответственности не только за свою семью, но и за страну,  взяты из реальной жизни
Л.С. Аргунова автордаах  Төрөппүтү иитиигэ Дьокуускайдааҕы ыал култууратын киинэ, «Мин — Эйгэбин» педагогическай  мастарыскыай таһаартарбыт «Ыал үөрэҕиттэн кинигэҕэ » оҕону олоххо бэлэмнээх гына иитиигэ, аныгы төрөппүт бэйэтэ хайдах буолуохтааҕын туһунан сүбэлэри, анал идэлээхтэр бэйэлэрин үлэлэрин уопутуттан үллэстиилэрин ааҕыаххыт
Р.И. Бравина «Түүл сахалыы тылдьыта» кинигэтэ түүл киһи олоҕор суолтатын уонна дьайыытын, түүлү салайыныы туһунан кэпсэнэр
Рафаэль Баҕатаайымкай, Афанасий Арчылан «Алмаас уонна хара дьай» сэһэннэрэ Саха сиригэр алмаас уонна көмүс үлэтигэр XX үйэҕэ, чуолаан 1960-с сыллар ортолоруттан 1980-с сыллар саҕаланыыларыгар диэри кэмҥэ, араас улуустарга буолуталаабыт түбэлтэлэр ойууламмыттар.

Боростуой оперативныктан ИДьМ криминальнай милииссийэтин начаалынньыгын солбуйааччыга тиийэ үлэлээбит Виталий Михайлович Егоров дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэлэргэ олоҕурбут сэһэннэрэ. «Таптал хайатын дьулаан сибиэнэ» Г. Гурьев, «Адьырҕа айаҕар» Н.А. Ефремова (бөлөх салайааччыта), уо.д.а. тылбаастарыгар.

«Мастер-класс» серияҕа тахсыбыт кинигэлэр ааҕааччылар болҕомтолорун тардыахтара.

Карпова Маргарита «Дача. Сад и огород в Якутии. Подготовка к зиме. Осенние работы в саду и огороде» уонна Ушакова Валентина «Домашние соленья» кинигэлэртэн дьиэ хаһаайкалара элбэх туһалаах сүбэлэри ылыахтара.

«Современные платья халадай и жилеты для подростков» выкройкалаах кинигэттэн халадаай тигии технологиятын билсиэхтэрэ.

Н.П., Ч. С. Александровтар «Туоска, тириигэ штампанан ойуу түһэрэн оҥоһук оҥоруута» нууччалыы-сахалыы тахсыбыт кинигэттэн дьарыктаныан баҕалаахтар элбэҕи туһаныахтара.

Маны сэргэ «Олох туһугар туруулаһыы», Алампа «Санаам салбырҕаһа», В. Пинигина- Арылы «Көҥүл көтөр санааларым», Айгиз Баймухаметов «Хааллрыма ийэкээ», «Тутуу уонн уһаныы эйгэтин тылдьыта», Геннадий Дьячков «Казбек. Ысыах, уо. д. а. кинигэлэр; кыра, орто саастаах оҕолорго аналлаах «Айар» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт араас кинигэлэр аа5ааччы бол5омтотун тардыахтара.