1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (2 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
316 views

«Сырдык олох иһин» кинигэ биһирэмэ

     Бүгүн, олунньу 28 күнүгэр,  кыраайы үөрэтээччи, Нуучча географическай обществотын чилиэнэ, Амма нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Татаринов Аким Константинович – Хаамар Ааллаах Үүн Таатта маҥнайгы үөрэхтээхтэрин сырдатар «Сырдык олох иһин» кинигэтин биһирэмэ Ытык Күөлгэ  киин библиотекаҕа ыытылынна. Аким Константинович кэргэнинээн Татьяна Петровналыын Дьокуускай куораттан кэлэн кыттыыны ыллылар. Дьоро түһүлгэҕэ сааланы толору дьон- сэргэ, оҕо- аймах тоҕуоруста. Ол иһигэр,  Амма нэһилиэгиттэн 10-н тахса киһилээх делегация тахсан тэрийсэн, кыттыыны ылла. Биһирэми Чычымахтааҕы «Айылгы» сынньалаҥ киинин директора Власова В.В. иилээн-саҕалаан ыытта.

Аким Константиновичка эҕэрдэлэрин  «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Сунхалыров С.С., «Амма нэһилиэгэ» ТС баһылыга Соров С.С., Орто Амма» ТС баһылыга Васильев Е.В., С.Р. Кулачиков- Эллэй Чычымах орто оскуолатын директора Малышева А.П., улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин аатыттан Попова М.А., А.Е. Мординов аатынан лицей директора Сивцева И.А., Таатта улууһун үөрэҕириитин управлениета, «Таатта» литературнай-художественнай музей заповедник директора Таппыров В.Д., кыраайы үөрэтэр музейтан Попова М.А., Чөркөөх музейыттан Жерготова И.Я., бииргэ үөрэммиттэрин ааттарыттан Васильев Н.С., «Айылгы» сынньалаҥ дьиэтэ, А.П.Кулаковская аатынан модельнай библиотека, Киин библиотека коллективтара, Тааттыныскай нэһилиэк эҕэрдэтин Бондарева М.Е.,  сиэн балта Баишева А.А., Российскай географическай общество Саха сиринээҕи салаатыттан уонна Никонов Г.Г. эҕэрдэлэрин ыыппыттарын Соров С.С., Таппыров В.Д. туттардылар. 

Аким Константиновиһы кытта бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрин аатыттан эҕэрдэни Табунанова М.П. туттарда. Хомусчут  — импровизатор Канаева А.Н.- Дьүрүскээнэ хомуһунан эҕэрдэтин тириэртэ. Чычымах оскуолатын  коллектива дойдутун ахтылҕанын таһаардын диэн алаас амтаннаах аһын бэлэх ууннулар. Иванова Д.Е. бииргэ үлэлээбит сылларын киэҥник сырдатта.

    Биһирэм иккис чааһыгар «Сырдык олох иһин» кинигэни ырытыы, сырдатыы ыытылынна. Чычымах оскуолатын учууталлара Павлова К.А., Григорьева Т.С., Прокопьева С А., кыраайы үөрэтээччилэр Андросова Ф.А., Табунанова М.П., Харитонова Ф.М., улуус кыраайы үөрэтэр музейын специалиһа Попова М.А., Чөркөөх музейын специалиһа Жерготова И.Я. кинигэҕэ киирбит чулуу дьоммут туһунан сырдатыыны оҥордулар.  Кинигэ тула истиҥ кэпсэтии буолла. Захаров П.Е., улуус айымньытын дьиэтин директора Вырдылин Г.Г.,  Попова М.А., Чөркөөхтөн кыраайы үөрэтээччи Вырдылин Г.Г. о.д.а. санааларын үллэһиннилэр.  Тыл эппит дьон бары Аким Константинович улуус историятын үөрэтиигэ сүҥкэн кылаатын киллэрсэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр, махталларын тиэртилэр, өссө да архыыпка үлэлэһэн күүс-көмө буоларыгар баҕа санааларын эттилэр.

Дьоро күн долгутуулаах түгэнинэн Аким Константинович улууһун дьонугар 1895, 1917, 1926 сыллардааҕы  1, 2, 4, 5 Дьохсоҕоннор биэрэпистэрин  докумуоннарын  уонна  кыраайы үөрэтээччи, Чычымах туһунан саҥа тахсыахтаах кинигэни хомуйан оҥоро сылдьар Мария Платоновнаҕа архыыпка үлэлээн муспут докумуоннардаах ноутбугун бэлэх уунуута буолла.  

Биһирэм кыттыылаахтара автографтаах, бастыҥ баҕа санаалаах кинигэлэри автортан бэлэх тутаннар үөрдүлэр. Дьоро күҥҥэ кэлэн кыттыыны ылбыт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит. Аким Константиновичка чэгиэн туруктаах айа-тута сылдьарыгар  баҕарабыт.