1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
311 views

С.Р. Кулачиков — Эллэй музей-дьиэтэ

Эллэй музейа

Биир дойдулаахпыт саха бастакы норуодунай поэта С.Р. Кулачиков-Эллэй төрөөбүт дьиэтэ Мойуона алааһыттан көһөрүллэн аҕалан өр кэмҥэ маҕаһыын буолан турбута. Бу дьиэни 1982 с. бэтэрээн учуутал Прокопий Харлампьевич Андросов үгүстүк сүүрэн-көтөн, кэпсэтиһэн Мэҥкээйиттэн Чычымахха таҥара дьиэтин таһыгар Харбалаахтааҕы СПТУ-18 коллективынан аҕалтаран туруортарбыта. Оччолорго бу дьиэни сөргүтэн тутууга Эллэй аймаҕа Иустин Иустинович Кулачиков маастардаабыта. Дьиэ көҥдөйө эрэ турбута. Прокопий Харлампьевич «Бу дьиэни салгыы үйэтитиэ этигит»-диэн эппитэ.

1991 с. олоххо киирэн Чычымах оскуолатын коллектива (директор Л.Н.Малышев) турунаннар, маҥнай тутуллубут сириттэн көһөрөн, дьиэтин олоччу ситэрэн, күһүн «С.Р.Кулачиков-Эллэй музей дьиэтэ» аһыллыбыта. Бу музей үлэһитинэн элбэх уопуту мунньуммут, историк идэлээх бэтэрээн учуутал Агафья Максимовна Сидорова буолбута. Кини бэйэтэ фотограф, бэчээттиир идэлээх, матырыйаалы темаларынан дэбигэстик таҥар буолан, кылгас кэм иһигэр үтүмэннээх матырыйаалы булан оҥорбута, сааһылаабыта, наардаабыта.

2010 с. энтузиаст учуутал Владимир Иннокентьевич Михайлов идиэйэтинэн, бырайыагынан  Николаевскай таҥара дьиэтин уһаайбатын музей-комплекс оҥорорго, комплекс иһигэр Чычымах бастакы оскуолатын, Эллэй дьиэтин, Ɵксөкүлээх Ɵлөксөй балаҕанын киллэрэргэ туруммуппут. Онон 2011 сыллаахха Эллэй дьиэтин эмиэ атыннык көһөрөн дьиҥнээх миэстэтин булбута.

Быйыл Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылынан, өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ сылынан С.Р.Кулачиков-Эллэй аймахтара туруорсаннар, үбүнэн көмөлөһөннөр  Эллэй музей-дьиэтин тупсарыы үлэтэ ыытылынна. Ол курдук музей дьиэни үс хайысхаҕа арааран (үлэлиир кабинета, ийэтигэр  аналлаах муннук, дьиэ кэргэн ытык маллара) оҥордубут. Эллэй дьонун, дьиэ кэргэнин, олоҕун, үлэтин сырдатар стендэлэри аныгылыы ПВХ матырыйаалынан уларыттыбыт. Куораттан оҕолоро Эллэй даачатыттан библиотекатын, туттубут малын-салын, докумуоннарын, хаартыскаларын ыыппыттара. Аймахтара Малышевтар ийэлэрин, Эллэй ийэтин бииргэ төрөөбүт балта Литвинцева-Васильева Анна Сергеевна кыыһа Васильева Вера Артемьевна тайах түүтүттэн тигиллибит түппээҕин, эбэлэрэ Васильева Анна Сергеевна оҥорбут саахымат орон сабыытын, Эллэй балтыгар Вера Артемьевнаҕа, күтүөтүгэр Николай Романовичка бэлэхтээбит подстаканчиктарын, Харбалаахтан балта Васильева Татьяна Артемьевна оҕолоро — түннүк штораларын, Кулачиковтар- Эллэй быраатыгар Иустин Кулачиковка бэлэхтээбит чаһыытын, Ытык Күөлтэн  уус Иван Табунанов Эллэй мэтириэтин алтантан быһан чеканка оҥорон бэлэхтээннэр музейы байыттылар.

Эллэй хаан-уруу аймаҕа — быраата Вячеслав Иванович Кулачиков өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Ийэ сылынан С.Р. Кулачиков-Эллэй «Таптыаҕыҥ ийэни» диэн Саха сиригэр гимн буолбут ырыатын үйэтитэн  музей-дьиэ аттыгар оҕотун көтөхпүт ийэ скульптуратын оҥорбута,  Ɵксөкүлээх Ɵлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэ ыһыаҕар аһыллан бар-дьон сэҥээриитин ылла. Эллэй музей-дьиэтигэр  үгүс дьон, ыччаттар, оҕолор сылдьан элбэҕи билэн-көрөн, астынан баралларыттан үөрэбит.

Ф.А.Андросова, музей үлэһитэ