Татаринова Татьяна Гаврильевна — Дьиэбэгэнэҕэ төрөөбүтэ, Чычымахха сибээс отделениетын начальнигынан үлэлээбитэ. |
ССРС Верховнай Советын депутата П. А. Ойуунускай 1937 сыллаахха ахсынньыга быыбардааччылары кытта көрсүһэ Чөркөөххө кэлэ сылдьыбыта. 56 сыллааҕыта буолбут көрсүһүүнү бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүбүн. Кинини чугастан көрбүппүн дьолбунан ааҕабын. Оччолорго 14 саастаах пионерка кыыс этим. Көрсүһүүгэ анаан киэҥ программалаах концерт бэлэмнээбиппит. Ол күн үөрэммэтэхпит. Оскуолаҕа үгүс киһи мустубута.
Биһиги ыалбыт Мефодий Слепцов көрсүһүүнү кылгас киирии тылынан аспыта. Олохтоохтортон Хрисанф Борочков, Тихон Таппыров уо. д. а. тыл эппиттэрэ. Ол кэнниттэн Платон Алексеевич эппитэ. Концербытын кини суруйууларынан бэлэмнээбиппит. Учууталлар, улахан оҕолор суруйааччы тылбаастаабыт «Интернационалын» уонна «Былааһы — Сэбиэккэ» диэн ырыалары толорбуттара. Хору учууталлар У.Г. уонна С.Г. Мончуриннар салайбыттара. Үҥкүүлэри үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлбит С.Ф. Герасимов кэргэнэ Ольга Павловна бэлэмнээбитэ. Оччолорго З. Е. Егасоваҕа эрэ балалайка баара. Ол доҕуһуолунан үҥкүүлээбиттэрэ. Дьиэбэгэнэ уола бэһис дуу алтыс дуу кылааска үөрэнэр Афоня Давыдов Ойуунускай хоһоонун өйүттэн өрө күүрүүлээхтик аахпыта.
Концерт бүтэрин кытта Платон Алексеевич сценаҕа тахсан Афоняны уонна үҥкүүлээбит кыргыттары ыҥырбыта. Кини уолу илиититтэн тутан туран бэрт үгүһү эппитэ, үөрэн, үөрэххин салҕаар диэн алҕаан баран көстүүмүн ис сиэбиттэн хостоон 25 солк. биэрбитэ. Үөрэххитигэр кыһаллыҥ диэн баран Ксения Федороваҕа 5 солк. туттарда уонна манан кэмпиэттэ атыылаһан табаарыстаргар үллэрээр диэтэ. Төбөлөрбүтүн ааҕа имэрийдэ. Онон көрсүһүү биэчэрэ түмүктэммитэ.
Платон Алексеевич кыра уҥуохтааҕа, кубаҕай хааннааҕа. Баттаҕа ханньары саастааҕа. Үрүҥ сорочкалааҕа, хара көстүүмнээҕэ, хаалтыстааҕа.
Ол күн маҕаһыыммыт сабыылаах буолан кэмпиэт кыайан атыыласпатахпыт. Сарсыныгар бииргэ үөрэнэр уолбут өлүү бэрсэр буоллаххытына, кэмпиэт атыылаһыам диэбитигэр кининэн ылларбыппыт. Атын оҕолор ымсыырбыттара. Афоня табаарыстара харчыгынан тугу гынаҕын диэн ыйыталаһаллара. Оччотооҕу оҕолор харчы дьүһүнүн да көрө илик этибит. Ол кэмҥэ үөрэнэ сылдьааччылар хоһоон суруйуутунан үлүһүйэллэрэ, бэйэ бэйэлэригэр бэлэхтэһэллэрэ.
1938 сыллаахха Москваттан кэлэн истэҕинэ Иркутскай куоракка хаайбыттар үһү диэн хомолтолоох сураҕы соһуйа истибиппит. Онтон ыла норуот өстөөҕө диэн тыллар иһиллэр буолан барбыттара. Ол туһунан сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ, Чөркөөх олоҕо айманан турбат дуо? Платон Алексеевич Дария Сивцеваны ийэтин курдук күндүтүк саныыра, киниэхэ кэллэ да сылдьара, чэйдээн ааһара. Онон ньэҥниири Даарыйаттан саҕалаабыттара. Милиция үлэһиттэрэ киниттэн Ойуунускай хаартыскатын, кинигэтин тутан ылбыттар диэн сурах сэлиэнньэҕэ тарҕаммыта. Чөркөөххө милициялар үгүстүк кэлэллэрин-баралларын көрбүтүм. Кырдьаҕастар Былатыан оҕолорго аатын ааттатаары харчы биэрбит эбит диэн уора-көстө кэпсэтэллэрин истэрбит. Афоня Давыдовы Армияҕа барыар дылы милициялар ыйытан сордообуттара. Туох иһин 25 солк. биэрбитэй, тугу оҥороор диэбитэй диэн ыйыталлар эбит.
..Биир дойдулаахпыт туһунан истиҥник-иһирэхтик ахтан-санаан ааһар түгэн тосхойдо.
«Таатта» хаһыат 1993 сыл, бэс ыйын 12 күнэ