Эдуард Карлович Пекарскай 1858 с. алтынньы күнүгэр Минскэй губерния Игуменскай уеһыгар дворян кэргэнигэр төрөөбүт. Харьковтааҕы ветеринарнай институт маҥнайгы курсугар үөрэнэ сылдьан ыраахтааҕы былааһын утары студенческай хамсааһыҥҥа кыттан, биэс сыл Архангельскайга көскө ыытыллыбыт. Онтон бобуулаах литератураны кистии сылдьыбытын иһин иккистээн тутуллан, Саха сиригэр көскө утаарыллар.
1881 с. Саха сиригэр кэлэригэр 23 саастааҕа. Кинини Боотуруускай улууһугар 1 Игидэй нэһилиэгэр, бастаан Чараҥҥа, кэлин Дьиэрэҥнээххэ олохтообуттара. Онно нэһилиэк күүһүнэн Дьиэрэҥнээх чочуобунатын хотугулуу-арҕаа өттүнээҕи кырдалыгар балаҕан тутан биэрбиттэрэ.
Кэпсэтэр баҕаттан саха тылын Оччокуун диэн оҕонньору көмөлөһүннэрэн үөрэтэн барбыт. Пекарскайга улахан көмөнү олохтоохтор Д.Д. Попов, М.Н. Андросова-Дмитриева, Е.Д. Николаев, В.С. Попов, П.Н. Сокольников о.д.а. оҥорбуттара. Оччотооҕу Боотуруускай улууһугар олорор политсыылынайдар «Саха тылын тылдьытын » үлэтигэр үөрүүнэн көмөлөспүттэрэ. Бэйэлэрэ оҥостубут кыракый тылдьыттарын, бэлиэтээһиннэрин В.М. Ионов, М.Н. Натансон, А.П. Альбов, А.С. Орлов, С.В. Ястремскай, Н.С. Тютчев биэрбиттэрэ. Тылдьыт аан маҥнай 1899 с. Маҥнайгы выпуһа Саха уобалаһыгар бэчээттэммитэ. Кэлин 13 томунан 1907-1930 сылларга Ленинградка ССРС НА таһаарыытынан бэчээттэммитэ. Биллиилээх академиктар К.Г. Залеман, В.В. Вартольд, С.Ф. Ольденбург консультациялаабыттара. 1958 с. ССРС Академияларын Саха сиринээҕи филиалыгар 3 томунан фотомеханическай ньыманан бэчээттэммитэ.Э.К. Пекарскай тылдьытын бүтэрэр сыалтан сыылкаттан болдьоҕо 1995 сыллаахха бүппүтүн үрдүнэн 1905 сыллаахха диэри олорбута. Саха сириттэн 1905 сыллаахха барбыта. 1905-1910 сс. Нуучча музейын этнографическай отделыгар үлэлээбитэ, Саха сирин үөрэтэр комиссия чилиэнэ этэ. Лениградка олорор академиктар көмөлөрүнэн өссө төгүл тылдьытын көннөрбүтэ, сааһылаабыта. 25 тыһыынча тыллаах тылдьыт үрдүк сыанабылы ылбыта. «Тюрдар тустарынан суруллубут туох баар литератураҕа холобура суох бастыҥ үлэ» диэн академик В.В. Радлов сыаналаабыта.
Э.К. Пекарскай бу сүдү үлэтин таһынан биллиилээх этнограф, фольклорист буолар. Кини этнографическай үлэлэринэн «Саха орто ыалын сыбаайбата», «Нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ», «Сахалар олохторун туһунан былыргы кэпсээннэр», «Сахаларга сууттааһыны тэрийии туһунан» о.д.а. буолаллар. Сорох научнай үлэлэрин сыылкаҕа биир кэмҥэ олорбут доҕотторун кытта суруйара. В.Н. Васильевы кытта «Саха ойуунун дүҥүрэ уонна », И.И. Майковтыын «Сахалар дьиэтээҕи олохторун-дьаһахтарын чинчийии программата», Г.Г. Осмолоевы кытта «Саха аҕатын ууһа нууччалар кэлбиттэрин кэннэ уонна кэлэ иликтэринэ» диэн үлэлэри суруйталаабыта.
Тус бэйэтэ сахалар тылларынан уус-уран айымньыларын бары көрүҥүн хомуйара. Балаҕаныгар олорон дьоҥҥо суруттаран хомуйбут, Якутскайга киирэн баран ситэрбит матырыйаалларыгар олоҕуран элбэх өрүттээх Саха кыраайын чинчийбит үлэлэрин суруйталыыр. Сибиряков экспедициятыгар үлэлии сылдьан саха фольклорун хомуйбутун, үөрэппитин өссө ситэрбитэ. К.Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону, А.Петров хас да сахалыы ырыалары, врач Е.Попов биир остуоруйаны, икки олоҥхону, Н. Слепцов таабырыннары, Р. Александров (Тимофеев) «Элик Боотур уонна Ньыгыл Боотур икки» олоҥхону суруйан биэрбиттэрэ. Ол түмүгэр 1907-1918 сыллардаахха «Сахалар народнай литератураларын холобурдара» диэн үлэтэ буолбута. Бу үлэ 3 томнааҕа, 8 кинигэнэн тахсыбыта.
Элбэх научнай үлэлэри редакциялаабыта. Кини редакциятынан В.Ф. Трощанскай «Сахалар хараҥа итэҕэллэрин сайдыыта» диэн үлэтэ Казаҥҥа 1902 с., 1911 сыллаахха “Саха уокуругун сахаларын тустарынан бэлиэтээһиннэр” диэн кинигэлэр автор өлбүтүн кэннэ бэчээттэммиттэрэ.
Э.К. Пекарскай 1912 с. Нуучча Географическай общество биир саамай бочуоттаах наҕараадатынан этнография отделениетын улахан кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. 1927 сыллаахха ССРС Наукаларын академиятын чилиэн-корреспондена, 1931 сыллаахха бочуотунай чилиэн буолбута. Эдуард Карлович 76 сааһыгар бэс ыйын 29 күнүгэр Ленинградка өлбүтэ.