1965 сыллаахха С.Р. Кулачиков-Эллэй даачатыгар аҕабынаан Афанасьев Егор Федоровичтыын сылдьан ыалдьыттаан турабыт. Сэргэлээх диэн аатырдар даачаларын онно эрэ көрбүтүм. Айылҕата дьикти үчүгэйэ, хас да уулуссанан ыаллар дьиэлэрэ кылбарыһан көстөллөрө. Хайдах эрэ дэриэбинэтиҥи соҕус моһуоннааҕа.
Эллэй дьиэтэ дьоҕус, арааһа сэттэ да аҕыс миэтэрэ иэннээх быһыылааҕа. Тиийбиппитигэр Эллэй олоҕун аргыһынаан Анфиса Иокимовналыын чэйдии олороллоро. Аҕабын билэр буолан: “Оо, Дьөгүөр тиийэн кэллиҥ дуу”,- диэн илэ-сала көтөн, хос чэй тарданнар аһаттылар. Сахалыы-махалыы мунду миинин тэриэлкэлэргэ куттулар. Аҕабын кытта бэрт уһуннук сэһэргэстилэр.
Мин тэһийбэккэ күөлгэ киирдим, тыы турарын көрөөт үөрдүм уонна тыынан төттөрү-таары уста сырыттым. Ол сырыттахпына аҕам Эллэйдиин күөлгэ кэллилэр. Эллэй миигин көрөн соһуйда быһылаах: “Көр эрэ, Амма оҕото буолан тыылана сылдьар ээ. Дьэ үчүгэй да баҕайы. Оҕо сааспын санаан ыллым”- диэбитин сүрдээҕин астына санаабытым. Атын киһи эбитэ буоллар, бука көҥүлэ суох тыыны ылбытым иһин сэмэлиэ эбитэ буолуо. Эллэй эйэҕэс да эбит дии санаабытым.
Евдокия Ивановна Софронова, саха тылын учуутала, 1979 с. «Таатта» хаһыат, 3.11.1994 с.