1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
92 views

Эллэйгэ анабыл хоһооннор

Күннүк Уурастыырап

Эллэйгэ

(70 сааһыгар)

Эйиэхэ, Серафим,

Эҕэрдэбин мин этиим.

Сэргэлээххэ кэллэххэ,

Сэргээн истэ истэххэ,

Кэрии, алар аайытын

Кэҕий кэҕэ чоргуйар,-

Кэрэ сайын айылгытын

Кэрээбэккэ хоһуйар.

Чочур Мураан түөһүгэр,

Чопчу -мөҥүөн үрдүгэр

Урут ыттан тураҕын,

Уруй-айхал тутаҕын.

Онтон сайа Сайсары

Одуулуугун таҥнары.

Сэттэ уоҥҥун да туолларгын,

Сэргэх, чэбдик буолаҥҥын,

Эдэрдээҕи кэмнэриҥ

Үрүҥ суолун тутуһан,

Элбэх сылга истиихтэргин

Үлүһүйэн ай, уһан.

Эргэримэ, эр бэрдэ.

Эллэй, истиҥ эҕэрдэ!

Иннокентий Артамонов

Маҥнайгы народнай поэт

Эллэй булчут кэриэтэ,

Мэлдьи айан суолугар.

Ийэ сирдиин кэпсэтэ

Кустук-хоһоон суруйар.

Сэттэ уонна кыыдамныыр

Маҥан хаарбыт Ленаҕа,

Көмүс кырыа таммалыыр

Эллэй хара баттаҕар.

Чурумчуку дьол тааһын

Булан үөрэ турбута,

Чулуу поэт күн аатын

Эллэй үөһэ ууммута.

Норуот биэрдэ аан бастаан

Народнай поэт аатын

Саха сирэ айхаллаан

Бүгүн эттэ махталын.

1964-1974

Александр Тарасов

Саха саарына Эллэй баар

Эллэй эһэбит саҕаттан

Эһиэхэйбит эҥээрийэр,

Эллэй бэйиэппит баарыттан

Эдэрдэргэ суол тэлэллэр..

Эдэр Эллэй чаҕыллан

Этэр тыла саталанар,

«Буурҕа, буулдьа дьылын» туойан

Буорах сыттаах бэйиэмэлэнэр.

Эдэр саас, хомсомуол бэйиэтин

Элбэх ырыата ылланар,

«Саха саргыта» бэйиэмэтин

Саха тыллаах таптаан ааҕар.

Миномет наводчигынан

Аҕа дойду сэриитигэр

Старшай сержант быһыытынан

Самныбакка сэриилэһэр…

Күн сирин көмүскүү сылдьан

«Күн сирин көмүскэлигэр»

Кинигэтин таһаартаран

Киэҥник ааҕааччыга биллэр.

«Чурумчуку» остуоруйа

Чулуу айымньыга киирэр,

Чупчуруйдаан «толкуйа»,

Чахчы, оҕону кэлэтэр…

Бастаан норуодунай бэйиэт аатын

Биэртэрэ элбэҕи этэр,

Сэбиэскэй кэммит сайдыытын

Сонуннук туойбут бэйиэт дэтэр.

Оччотооҕу кириитикэ

Омсотугар оҕустарар,

Ордук хоһу этиилэрэ

Олоҥхобутун хаарыйар.

Ол да буоллар ыллаан-туойан

Олорбута бэйиэт оҕонньор,

Сэттэ уон сааһыгар сылдьан

Сэтэрэн тапталы туойар.

Алгыһынан саҕаламмыт

Саха литературатын

 Саргылаах устуоруйатыгар

 Саха Саарына Эллэй баар!

2015 с.

Дьөгүөр Түбэ

      ***

Эрчим санаа,

Эдэр сүрэх,

Эйэҕэс бэрдэ,

Эрэллээх доҕор,

Эргиччи пионер

Эллэй поэт буолар,

Эллэйдиин кэпсэтэр,

Элбэх тиэмэ баар,

Эллэйдии саҥарар

Эгэлгэ тыл баһаам.

Эллэй Эһэбит

Эдэриттэн

Эрэлин,

Эрчимин,

Тылын-өһүн

Кыл-кылаанын,

Ис дууһатын

Сүөм сүмэтин

«Хотугу ыччат»

Хаһыаттан хардыылаан,

«Молодая гвардияны»

Сахалыы дьиэрэтэн,

Хоодуоттарга,

Хомсомуолга

Мутукча сытыныы

Мүөтүнэн куппута.

Эллэй кырдьаҕас

Эттиин-хаанныын

Эдэри эрчимниир

Этигэн тыла,

Эйээрэр куолаһа,

Эйэҕэс санаата

Эҥэрдэһэр эдэри,

Эргиччи сыстыһа,

Эриллэр-мускуллар.

Эллэй Боотур

Тэбэн ааспыт

Хайыһарын суолунан

Хоробуоттаах ыччат

Күүрээннээх үлэҕэ

Көҕүлээн туойбут,

Киэҥ айан аартыгар

Кэскилгэ ыҥырбыт,

Төлөннөөх тойугунан

Түөстэрин күөттээбит,

Чаҕылхай талаан

Чахчы чаҕылыҥнаан,

Эллэй эдэр буоллаҕа.

Саамай күөгэйэригэр

Социализмы тутуу

Саҥа ырыаларын,

Сүдү сир уустара

Силиһин ситимнээн,

Сырдык уобарастар

Саһарҕаҕа дьулуһан,

Айан уоттара

Аартыктарга чаҕыллан,

Дьоллоох олох

Дьоһун суолунан

Кыайыыга ыҥыран,

Үөрүүгэ үөрэтэн,

Киһи киһиэхэ

Кэрэһит баҕата

Күөгэйэ көппүтэ.

Эллэй поэппыт

Эппитинии,

Саха дьоло

Айар үлэҕэ,

Саха ырыата

Саргылаах аргыс,

 Кулачиков Убайбыт

Куруук эдэркээн,

Куруутун пионер,

Эргиччи комсомол.

Эргиччи коммунист.

(«Талба Таатта талыы дьоно»)

Валентина Кулачикова-Үрүччэ

           Эллэй туһунан санаа

Киэн туттан тураммыт чиэстиибит эйиигин

Чаҕылхай талааннаах поэты, Эллэйи,

Иһирэх тыллары этээри кэллибит

Төрөөбүт алааһыҥ амарах бар дьоно.

Чысхааннаах тымныыга, туманнаах сарсыарда

Күн сирин көрбүккүн уол оҕо бу сиргэ,

Мойуона алааһар эн кыра сылдьаҥҥын

Ыарахан эриирдээх олоххо олооркун.

Астына саныыбыт бу алаас иһигэр

Лэбийэн, улаатан, борбуйгун көтөҕөн,

Оскуола кыһатын аан бастаан билэҥҥин

Бастакы хоһооҥҥун айбытыҥ буолуо диэн.

Уончалаах сылдьаҥҥын аҕаҕын батыһан

Оттоһо, мас мастыы элбэхтэ барарыҥ,

Быллаарга дьэдьэннээн ийэҕиҥ үөрдэриҥ

Балыктаан, куобахтаан аһылык буларыҥ.

Астына саныыбыт Аммаҕа сөтүөлээн

Эн ыраас дууһалаах поэт буолбуккун,

Төрөөбүт алааскар ол сүдү тапталыҥ

Төлөннөөх сүрэххэ талааны түмтэҕэ.

Норуокка таптаппыт поэппыт, убайбыт

Эн улуу ааккынан ааттанар оскуолам,

Үйэлэр тухары эн ырыаҥ ылланыа,

Хас биирдии айымньыҥ тарҕаныа, утумнуо.

Киэн туттуҥ, бар дьонум, бу чулуу хотойу

Алааспыт кынаттаан көтүппүт дии санааҥ,

Хаһан да өлбөөрбөт бу улуу поэты

Хас биирдии сүрэххэ иҥэриҥ бар дьонум.