1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
1 656 views

«Дьиктилээх хонуу» оонньуу

Олоҥхо декадатын чэрчитинэн нэһилиэкпитигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт – айар тыл аҕата, саха литературатын төрүттээччи, бөлөһүөк, чинчийээччи Алексей Елисеевич Кулаковскай -Өксөкүлээх Өлөксөй «Хомус» хоһоонунан «Дьиктилээх хонуу» оонньуу ыытылынна.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин, культуратын туйгуна, хомус пропагандиһа, хомусчут-импровизатор, «Күбэй» хомусчуттар ансаамбылларын салайааччыта Анна Николаевна Канаева-Дьүрүскээнэ «Хомус» хоһоону сырдатан, хомус тыаһынан арчылаан дьоро киэһэни арыйда. 

3 түһүмэҕинэн  нэһилиэк 9 олохтооҕо эриэ-дэхси оонньоотулар. 

Финалга  тахсан С.Р. Кулачиков -Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын математикаҕа учуутала Малышева Аграфена супер- оонньууну кыайан анал бириискэ тигистэ.

Көрөөччүлэргэ ыйытыыны сөпкө таайан  Лена Романовна Налыяхова анал бирииһинэн бэлиэтэннэ. Дьоро киэһэҕэ мустубут дьон туойтан  хатарыллан оҥоһуллубут сахалыы сиэдэрэй ойуулаах лыҥкынас тыастаах чуорааннары атыылаһан, алгыстаах алаадьы, арыылаах саламаат амсайан, санааларын үллэстэн, элбэх саҥаны билэн астынан тарҕастылар.

Бары кыттыбыт дьоммутугар махтанабыт. Кэрэни кэрэхсии, үйэлээҕи үксэтэ, санаабыккытын саргылыы сылдьыҥ диэн алгыспытын аныыбыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *