1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (2 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
343 views

Кэрэ бэлэх туттубут

Ахсынньы 9 күнүгэр Дьокуускай куораттан биир дойдулаахпыт Ньургуйаана Владимировна Аввакумова – Күлүм соһуччу  кэлэн «Кэрэ бэлэх» диэн хоһооннорун хомуурунньугун Чычымах,  Таатта улууһун киин библиотекатын ааҕааччыларыгар анаан бэлэх уунна.

Фармаколог-эмчит идэлээх Киин куорат доруобуйатын харыстабылын туйгуна, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна  Ньургуйаана Владимировна Аввакумова- Күлүм хоһооннорун аан бастаан “Күрүлгэн” уус-уран сурунаалга 2020 сыл 6 № “Хоһоон” рубрикаҕа “Эмчит хоһоонньуттар” таһаарыыга билсибиппит. 2020 сылтан хоһооннорун  “Дорҕоон дойду”студияҕа СӨ үтүөлээх артыыһа Ирина Никифорова, “Тыгын Дархан” киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут, Бүтүн Россиятааҕы, Аан дойдутааҕы киинэ фестивалларын “Бастыҥ эр киһи оруола” анал аат хаһаайыннара Ньургун Бэчигэн толорууларыгар музыка доҕуһуолунан ааҕыллыбыттарын сэргии истибиппит.

Ньургуйаана Аввакумова- Күлүм  “Күөрчэх кыыһа”  хоһооно Инна Донская мелодиятыгар, “Добун” студия оҥорон таһаарыытыгар, Анна Торохова  толоруутугар ырыа буолан көппүтэ “Үрдэл-2022” национальнай премияҕа финалга киирбит, тохсунньуга куоластааһын буолар эбит.

Күндү төрөппүттэрин – ийэтин, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Светослана Николаевна, аҕатын Владимир Яковлевич Аввакумовтар сырдык кэриэстэригэр анаан таһааттарбыт “Кэрэ бэлэх” маҥнайгы хоһооннорун хомуурунньугун Москуба куоракка “Перо” издательствоҕа бэчээттэппит.  Афанасий Гуринов- Арчылан редактордаабыт. Худуоһунньуктар Ф.Н. Заровняев, А.В. Чикачев, И.И. Корякин үлэлэрэ, хаартыскалар кинигэни ситэрэллэр. Үс кут өйдөбүллэрин арыйар үс  түһүмэх ийэтин Светослана Николаевна ураннык тикпит “Үс кут” триптих иис  оҥоһугунан  киэргэтиллибитэ кинигэни ураты тыынныыр.

Соһуччу кэлбит ыалдьыппытын кытта көрсүһүүгэ үөрэппит учууталлара- кылааһын салайааччылара А.К. Васильева, М.Н. Малышева, оҕо сааһын доҕотторо-бииргэ үөрэммит кыргыттара кэллилэр. Сахалыы сиэринэн сандалы тула олорон сэргэх кэпсэтии буолла. Бииргэ үөрэммит кыргыттара Изумира Ефимова, Татьяна Кириллина дьүөгэлэрин ырыатын ыллаан  үөртүлэр, долгуттулар. Аҕата күн сириттэн барбытыгар айманан суруйбут хоһоонун Ирина Никифорова толоруутугар иһитиннэрэн бары  соҥуоран ыллыбыт…

Кэрэ бэлэҕи эрдэ тутан аахпыт автор маҥнайгы учуутала Августина Кимовна Васильева кинигэ ис хоһоонунан сиэттэрэн санаатын эппитин сөҕө, сонургуу иһиттибит.

Ыраахтан эҥсиллэн кэлэр

Кылыһахтаах тыллары тиһэҥҥин

Хоһоон тумара толоонугар

Оспот – сүппэт ыллыгы тэлэҕин.

Ардах аннынан

Кистэлэҥ ахтылҕаҥҥын,

Курус санаа хотуҥҥун

Арыт кыланан,

Арыт дьоллонон

Тойуккун куйаарга көтүтэҕин.

Үөһэттэн айдаран кэлбит дуу

Доҕоруҥ күндү бэлэхтэрин

Симэнэҥҥин долгуйа турбутуҥ..

Хаһан эрэ

Түһэн үллүктүүр

Маҥан хаар

Кэрэни кэрэһэлиирэ..

Ойуу дьарҕаа оҕо сааһыҥ

Кустук өҥүнэн дьиэрэҥкэйдиирэ…

Айар кутуҥ аһыллан

Таптал ырыатын ыллатта,

Көҥүл ырыатынан доҕуһуоллаан

Дьыл оҕуһугар олордон

Хомуһуҥ ырыатын ыллатар.

Ардыгар

Аммаҕа, сайыҥҥы саҕахха,

Ахтар-саныыр Чычымаҕыҥ

Түөрт кэмин

Дьикти түгэннэрэ,

Дьүөгэлэриҥ, кыргыттарыҥ

Наҕыл дорҕоон амтаннанан

Хотун кут буолан  оннун булар..

Күлүмнээ, күлүмүрдээ, Күлүм! – диэн учуутала алгыһынан түмүктээтэ.

Хоһоон гынан көтүппүт ис иэйиилэрин кинигэтин тутулун, хас биирдии  оһуорун, өҥүн бэйэтэ толкуйдаан, таҥан  оҥорбутун сэргии иһиттибит. Соһуччу эрээри олус истиҥ – иһирэх көрсүһүүттэн бары да үөрдүбүт, астынныбыт. Дьоҕус эрээри дьоһун кинигэ тула кэпсэтии өссө да ыытылларыгар эрэллээх тарҕастыбыт. Ньургуйаана Владимировнаҕа ыраахтан ааттаан-суоллаан кэлэн кэрэ бэлэх оҥорбутугар ис сүрэхпититтэн махтанабыт! Айар аартыгыҥ арыллан истин диэн алгыспытын аныыбыт!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *