Левина Мария Васильевна (Варламова Мария Трофимовна) |
Ийэм өттүнэн Таатта Баайаҕатыттан Чаховтартан, Андросовтартан төрүттээхпин. Ийэм Чөркөөххө ветеринарынан үлэлиир буолан онно олохсуйбуппут. 1989 с. оскуоланы бүтэрэн биир сыл «Таатта» совхозка дайаарканан үлэлээбитим. 1990 с. кэтэхтэн библиотекарь үөрэҕэр үөрэммитим. 1992 с. дылы Чөркөөх библиотекатыгар үлэлээбитим. Ол сыл күһүнүгэр Чычымахха Канаева Вера Александровнаны солбуйан үлэлии кэлбитим. Кинини солбуйа сылдьар Сосина Елена Константиновна миигин көрсүбүтэ, үлэтин туттарбыта. Оччотооҕу Чычымах салалтата, дьоно миигин сүрдээх истиҥник, үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Оскуола директора Аким Константинович Татаринов миигин «Үрүҥ дьиэҕэ» элбэх эдэр учууталлар олорбут дьиэлэригэр биир биэс тыла суох үөрүүнэн олохтообута. Саҥа кэлбит киһиэхэ бэл оскуола ампаарыттан утуйар таҥаһынан кытта хааччыйбыттара. Мурунова Людмила Егоровналыын, Постникова Диана Алексеевналыын бэрт үчүгэйдик дьукаахтаһан олорбутум.
Библиотекабар кинигэлэри сааһылаан, муостатын лаахтаан, Ытык Күөлтэн саҥа остуол ылан үлэбин саҕалаабытым. Кинигэ быыстапкаларын, библиотечнай уруоктары, беседалары, викториналары тэрийэн ыытарым, фермаҕа передвижкаҕа барарым.
Оройуон киин библиотеката тыа библиотекаларын кинигэнэн үчүгэйдик хааччыйара. Арыт массыына кэпсэтэн, арыт автобуһунан оройуонтан кинигэ аҕаларым.
Мин үлэлиир кэммэр кулууп директорынан Неустроев Игорь Петрович үлэлиир этэ. Кини хас биирдии үлэһиккэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһара. Кулуупка араас тематическай биэчэрдэр, кэнсиэрдэр, конкурстар буолаллара. Ону тэрийэр үлэттэн мин туора турбакка күүс-көмө буоларым. Һлэлиир коллективым үксэ эдэр дьон буолан биир тылы сүрдээх үчүгэйдик булан үлэлээбиппит. Гуляев Николай – специалист, Михайлова Элла – оформитель, Готовцева Альбина – лидер, Михайлов Алексей куруук саҥа толкуйдаах буолаллара. Техүлэһиттэр: Аржакова Раиса Ефимовна, Дедюкина Акулина Гурьевна кулууп ыраас буоларын туһугар кыһамньылаахтык үлэлииллэрэ.
Чычымах эдэр ыччатын, олохтоохторун наһаа сөбүлээбитим. Хаалан үлэлиэхпин, бастайааннай миэстэм суох буолан, сайын 1993 с. төрөппүт аҕам дойдутугар Мэҥэ Хаҥаласка үлэ миэстэтэ көстөн Чычымахтан көһөн барбытым. Үлэбин Кысалгинова Мария Григорьевнаҕа туттарбытым. Ити үлэлээбит сылым эдэр сааһым саамай чаҕылхай, кэрэ кэмэ буолар. Билигин да Чычымахтары наһаа истиҥник саныыбын, ахтабын. Бэйэм Мэҥэ Хаҥалас Чүүйэтигэр 24-с сылын библиотекарынан үлэлиибин. Кэргэннээхпин, үс оҕолоохпун.
2017 с.