1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
139 views

Агафия Петровнаҕа анабыл хоһоон

Валентина Кулачикова —Үрүччэ

Агафия Петровна Кулаковскаяҕа

Сөбүлээбит идэҕин

Сүрэх иччитэ оҥостон,

Кинигэ аптаах абылаҥын

Киһи аайы тиэрдэриҥ.

Элбэх билэр дьонноргун

Биллэр чулуу хотойдору,

Араас дьикти талааннарын

Арыйарыҥ, төлкөлүүрүҥ.

Ыччат, оҕо тоҕуоруйар,

Ылбай санаа чүөмчүлэнэр,

Ыраас, кэрэ кэрэхсэнэр,

Дьикти эйгэ уйаланар

Библиотека дьиэтигэр

Куруук үөрэ көрсөрүҥ,

Билии төрдө ааҕары

Биһирэтэ кэпсиириҥ.

Кыра сылдьан сөбүлүүрүм,

Кэрэхсээммин истэрим

Кэпсээн, хоһоон ис хоһоонун

Умсугута сэһэргииргин.

Нэһилиэккэ биир бастыҥ

Пропагандист, көҕулээччи,

Кэнсиэрдэргэ, гастролга

Куруук бастыҥ тэрийээччи.

Таптаан ааттыыр Бөтүрүөбүнэ,

Сааһыран да бараҥҥын

Сүбэлии, үөрэтэ сылдьаҕын,

Мэлдьи кэрэҕэ угуйаҕын.

Уран тарбаҕыҥ ииһинэн

Саха сиригэр билинниҥ,

Дойдуҥ дьонун үөрдэҥҥин

Далбар Хотун Эн буоллуҥ!